Алтынньы 19 күнэ. Гороскоп

Хой 

Эйигин бырахпыт дьону, эйигин улахаҥҥа уурбатах дьону, эйигин сыаналаабатах дьону барыларын хаалларар ордук

Оҕус 

Санааҕар дьиктини, алыптаах абылаҥы кэтэһэҕин

Игирэлэр 

Куһаҕан кыйданарын, ыарыы ыалласпатын гына күннээҕи түбүккүн былааннаа

Рак 

Эн сирэйгэр биири, кэннигиттэн атыны саҥарар дьон сотору кэминэн ол дьыала иннигэр эппиэттиэхтэрэ

Хахай 

Эн эккинэн-хааҥҥынан сүрэххинэн билэргин сыаналаабат, эн кыһалларгын ахсарбат буоллахтарына салгыы суол арахсара ордук

Кыыс 

Аһара элбэх тыастан-уустан, кэлииттэн-барыыттан сылайбыккын, чуумпу олоҕу баҕараҕын

Ыйааһын 

Сүрэҕин биир эрэ киһиэхэ ананар, атыны көрөр кыаҕа суох

Скорпион 

Эбии харчы киирэрэ күүтүллэр. Доруобуйа чааһыгар болҕомто уурар ирдэнэр

Охчут 

Эн олоххор икки суол баар, онтон биирдэстэрэ инникигэ бэлэмнэнии, биирдэстэрэ дууһаҕар кураанах иэйии, бэйэни сүтэрии

Чубуку 

Күн ахсын биир хартыынаттан сылайаҕын, саҥа уларытыыны киллэриэххин баҕараҕын.

Күрүлгэн 

Кинини умнар түгэҥҥэр, кини эмискэ биллэн кэлиэ

Балыктар 

Мэктиэ тыл биэрбит буоллаххына ханна да барар кыах суох, толороргор эрэ тиийэҕин.

«Бытантай уоттара»

This post was published on 19.10.2023 09:11 09:11