Тымныы күннэр тураннар, өрүһүнэн сырыы уустугуран, Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан түргэн катерынан айан сыаната 700 солкуобайга диэри үрдүөҕэ. Бу туһунан СИА-ҕа «ЛенаВодСервис» салайааччыта Борис Строев иһитиннэрдэ.
“Билигин өрүс ыраас турар, ол эрээри ханаалга уонна өрүскэ тахсыы муустан сылтаан биллэ уустугурда. Быйыл эбиитин уу күүскэ түстэ, бу эмиэ улахан сабыдыаллаах. Онон катердар өссө 3-4 күн сылдьан баран тохтууллара буолуо, бу ый 20 чыыһылатыгар диэри тулуһан көрүөхпүт. Билигин өрүскэ тахсарга, суудуналарын алдьатымаары аргаайдык мууһу алдьата-алдьата хоҥностоллор, ол иһин сыана улаатар”, — диэн Борис Строев кэпсээтэ.
Дьоҕус суудуна сырыыта тохтообутун кэнниттэн «ЛенаВодСервис» тэрилтэ «ирбистэри» үлэҕэ таһаарыаҕа.
Эрдэ, Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан паром алтынньы ый бүтүөр диэри сылдьыаҕа диэн иһитиннэрбиттэрэ. Онуоха 18- с чыыһылаттан тариф үрдүүрэ былааннанар.
This post was published on 16.10.2023 10:15 10:15