Алтынньы 16 күнэ. Гороскоп

Хой

Күннээҕи кыһалҕаҕын кимиэхэ да сыҥалаама, сэлээннээмэ, бэйэҥ быһаара сатаа

Оҕус

Эйигин ким да солбуйар кыаҕа суох

Игирэлэр

Эйигин сыаналаабат дьон элбэхтэн матыахтара

Рак

Дьиэлээхтэргэр инники былааҥҥын кэпсээ, сүбэтэ ыл

Хахай

Ыра санааҥ туоларыгар кыһалыҥ

Кыыс

Атын дьон эйиэхэ элбэх ону-маны сыҥалыы сатыахтара, ис дууһан тугу баҕарарын иһит

Ыйааһын

Дьон эйигин элэккэй, эйэҕэс быһыылаах диэн сыаналыыр, түһэн биэримэ

Скорпион  

Бэйэҕин харыстаа, тапталгын харыстаа, истиҥ сыһыаны сыаналаа

Охчут

Дьоллоох түгэн тосхойуо, үөрүү мичик гыныа

Чубуку

Ким да кимиэхэ да иэһэ суох, дьонтон элбэҕи эрэйимэ, бэйэҕин иэстээх курдук сананыма.

Күрүлгэн

Тапталлаах бэйэҕэр бириэмэтэ анаа, сөбүлүүр кинигэҕин аах, киинэҕин көр

Балыктар

Кэлбит кэм эйиэхэ кэрэни, сырдыгы эрэ бэлэхтиэ, ис сүрэххиттэн эрэн уонна кэтэс.

«Бытантай уоттара»

This post was published on 16.10.2023 09:06 09:06