Кыстык хаар өрөспүүбүлүкэ киин улуустарыгар алтынньы 10 — 12 күннэригэр түһүөҕэ диэн күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр иһитиннэрэллэр.
Балаҕан ыйа сүрүннээн сылаас этэ. Балаҕан ыйын 25-с күнүттэн өрөспүүбүлүкэ хоту уонна хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр салгын кыраадыһын орто көрдөрүүтэ 0 эрэ кыраадыстан намыһах. Билигин хаарын халыҥа биир 1-8 сантиметрга тийэр. Онтон арҕаа, соҕуруу оройуоннар, маны тэҥэ Горнай сороҕо хаарынан бүрүлүннэ.
Киин улуустарга улахан сөҥүү суох. Өрөспүүбүлүкэ арҕаа уонна соҕуруу өттүгэр инчэҕэй хаар түһүөн сеп. Салгын кыраадыһа -2-7 кыраадыска диэри тымныы, халлаан халыннаҕына — 8-13 кыраадыска тиийэ тымныйыан сөп. Манна тэҥнээтэххэ, соҕуруулуу-арҕаа диэки лаппа ичигэс, салгын кыраадыһа + 5-10 сылааһы көрдөрөр.
Источник: http://nvk-online.ru
This post was published on 02.10.2019 15:22 15:22