Аҕам саастаах дьон норуоттар икки ардыларынааҕы күнэ 1991 сылтан сыл аайы алтынньы 1 күнүгэр бэлиэтэнэр. Күнү ыытыы соругунан кырдьаҕастар кыһалҕаларыгар, кинилэр олохторун хаачыстыбатын тупсарыыга уопсастыбаннас болҕомтотун тардыы буолар.
Уопсастыбаннаһы кытары сибээс департамена иһитиннэрбитинэн, Дьокуускай куоракка «Көмүс сааһы уруйдуубут» бырааһынньыктар быраагырамалара бэлэмнэннэ.
Балаҕан ыйын 30 күнүгэр социальнай көмүскэл управлениетыгар (Ленин уул. 4/1), 1 №-дээх поликлиникаҕа, куорат 2 уонна 3 нүөмэрдээх балыыһаларыгар, Дьокуускай куораттааҕы Медицина киинигэр уонна тииһи эмтиир поликлиникаҕа «Аһаҕас аан күннэрэ» ыытыллыахтара. Ону сэргэ алтынньы 3 күнүгэр Пенсия фондатын управлениетыгар (Орджоникидзе уул. 23) тустаах сүбэлэри-амалары ылыахха сөп.
Декада устата нэһилиэнньэни социальнай хааччыйыы биир кэлим киинин үлэһиттэрэ «Ыраас дьиэ», «Сылаас дьиэ» акциялары ыытыахтара. Бу акциялар соҕотоҕун олорор аҕам саастаах дьоҥҥо ананыахтара.
Алтынньы 1 күнүгэр Опера уонна балет тыйаатырыгар «Үлэҕэ – албан аат, бэтэрээннэргэ – бочуот» үөрүүлээх дьаһал ыытыллыаҕа. Бу күн Оҕо дыбарыаһыгар 14 чаастан «Үһүс саас оскуолата» кулууп чилиэннэрин кэнсиэрэ буолуоҕа.
Ыспыраапка:
1959 с. бүтүн Сойуустааҕы биэрэпис чахчыларынан, Сэбиэскэй Сойууска 100 сааһын аһарбыт киһи ахсаана 100 000 нэһилиэнньэҕэ 10 киһиэхэ тэҥнэһэрэ. Оттон Саха сиригэр – 32 киһиэхэ (3 төгүл элбэх).
Уһун үйэлээхтэр ахсааннарынан Саха сирэ Дагестан уонна Азербайджан өрөспүүбүлүкэлэрин кэнниттэн 3-с миэстэҕэ сылдьыбыта.
1970 сыллааҕы биэрэпис Саха сиригэр уһун үйэлээхтэр ортолоругар төрүт олохтоох нэһилиэнньэҕэ элбэҕин көрдөрбүтэ.
2015 сыллааҕы чахчынан, Саха сиригэр 100 сааһын ааспыт киһи ахсаана – 50-тан тахса.
This post was published on 21.09.2016 16:46 16:46