Алтынньы 1 күнүттэн дойду үрдүнэн социальнай төлөбүрдэр итиэннэ босуобуйалар «МИР» каарталарыгар түһэр буолуохтара. Бу туһунан СӨ үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
«Сокуон уларыйбытынан сибээстээн, биэнсийэлэрин уонна социальнай төлөбүрдэрин баан каартатыгар ылааччылар алтынньы 1 күнүгэр диэри «Мир» каартаны оҥорторуохтаахтар. Каартаны бэйэҕит бааҥҥытыгар уларытаҕыт. Онтон счет реквизитын олорор сиргитинэн социальнай харалта салааларыгар тиксэрэҕит«, — диэн үлэ миниистирэ Елена Волкова быһаарар.
Федеральнай босуобуйаны уонна төлөбүрдэри баан каартатыгар ылар өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторо «МИР» каартатын оҥорторуохтарын эбэтэр бааҥҥа счет аһыахтарын сөп. Алтынньы 1 күнүттэн социальнай төлөбүрдэр атын каарталарга түһэллэрэ тохтуур. Бу радиацияны ылбыт, оҕо босуобуйаларын ылааччыларга эмиэ сыһыаннаах.
This post was published on 24.09.2020 15:01 15:01