Алтынньы 1 күнүттэн бюджет тэрилтэлэрин үлэһиттэрин хамнастара индексацияланыа, ол туһунан «МК» иһитиннэрэр. Ити эрээри үрдээһин бары эйгэни хаппат.
Хамнас үрдээһинэ ЫБММ быыһыыр кииннэригэр, социальнай эйгэҕэ уонна гидрометеорологическай сулууспаҕа, «Роспотребнадзор» гигиена кииннэригэр, стандартизация кииннэригэр, метрология уонна «Росстандарт» тэрилтэҕэ, инбэлииттэр реабилитацияланар кииннэригэр уонна да атын эйгэҕэ үлэлиир сотрудниктарга бэлиэтэниэҕэ.
«МК» суруйарынан, хамнас үрдээһинэ ортотунан 4 бырыһыан эбиллиэҕэ. Бу көрдөрүү регионтан, үлэһит идэтиттэн уларыйыан сөп. Субъектар бэйэлэрэ надбавка кээмэйин быһаарыахтарын сөп, ити эрээри федеральнай таһым быһаарыытыттан кээмэй кыра буолуо суохтаах. Маны сэргэ, эбии төлөбүрдэр бары көрүҥнэрэ индексацияланар.
Индексация президент ыам ыйынааҕы ыйааҕар киллэриллибит үлэһиттэри (медүлэһиттэри, педагогтарры уо.д.а.) таарыйбат. Кинилэргэ хамнастарын акылаата тохсунньу 1 күнүттэн индексацияланар.
This post was published on 27.09.2021 13:01 13:01