Алта уоллаах Оконушкиннар Хатаска олороллор

Хатас сэлиэнньэтин элбэх оҕолоох ыалларын ортолоругар алта оҕолоох Оконушкиннар киирсэллэр. Кинилэр элбэх оҕолоохторунан эрэ буолбакка, алта уол оҕолоохторунан киэн тутталлар.


Мэҥэ-Хаҥалас Мэлдьэхситин алта оҕолоох Винокуровтар дьиэ кэргэттэрин улаханнар оҕолоро Ольга Хатас олохтооҕо Георгий Оконушкиҥҥа кэргэн тахсан, 2002 с. Хатаска кийиит буолан кэлбитэ. Георгий төрөппүттэрэ эмиэ элбэх, биэс оҕолоох ыал. Олохтоохтук олохсуйар санаалаах кэлбит эдэр кыыс оҕо айар талаанын дьиэтигэр техничканан үлэҕэ киирбитэ.

Үс сылынан бастакы күүтүүлээх оҕолоро Антон күн сиригэр кэлбитэ. Онтон өссө икки сыл субуруччу икки уол оҕо күн сирин көрбүтэ. Кинилэр кэннилэриттэн 2011, 2013 уонна 2015 сылларга кэлбит оҕолор эмиэ уол буолан биэрбиттэрэ. Онтон төрөппүттэр улаханнык санаарҕаабатахтарын туһунан этэллэр. Ордук аҕалара көмө дьоно буолуохтарыттан үөрбүтэ сэрэйиллэр. Ыал ийэтэ: «Кэргэннии буоларбытыгар бачча оҕолонуохпут диэн былааннаабат этибит ээ. Таҥара төһөнү биэрэринэн дэһэрбит. Билигин уопсай хаартыскабытын көрө-көрө, ама бу барыта биһиги оҕолорбут дуо дэһэбит», – диэн күлэр. Онтон Оҕо төрүүр дьиэтигэр кинилэргэ үлэлии сылдьыбыт Ольгаларын: «Эмиэ кэллиҥ дуо, эмиэ уолланаары дуо?» – дии-дии көрсөр, күө-дьаа буолар буолбуттар.

Элбэх оҕолоох ыал аҕа баһылыга Георгий идэтинэн сварщик. Дьиэ кэргэнин иитэр туһуттан икки үлэҕэ үлэлиир. Эбиэккэ диэри Хатас с. маҕаһыыннарыгар массыынанан килиэп таһар, эбиэт кэннэ сварщигынан нэһилиэнньэ сакааһыгар үлэлиир. Үлэтин быыһыгар түөрт сыллааҕыттан саҕалаабыт икки этээстээх дьиэлэрин ситэрэр-хоторор. Дьиэлэрин төһө да атын биригээдэҕэ туттарбыттарын иһин, бэйэтэ сварщик идэлээх буолан, аҥаар кырыытыттан ылсан иһэр. «Дьиэ хайдаҕа тиэргэниттэн биллэр» диир буоллахха, дьиэ сылааһа хаһаайынтан биллэр. Оконушкиннар сып-сылаас дьиэлэригэр оҕолор кыһыннары атах сыгынньах кэриэтэ сүүрсэллэр.

Дьиэҕэ олорор хаһаайкалар биир күннэрэ майгыннаһаллара сэрэйиллэр. Ол да сиэринэн, Оконушкиннар биир күннэрэ сарсыарда 7 чаастан саҕаланан барар. Улахан уолаттар 11-с, 5-с, 4-с, 3-с кылаастарга үөрэнэллэр. Биир оҕо Хатастааҕы оҕо уһуйааныгар сылдьар. Дьиэҕэ ийэлэрэ икки кыратын кытары хаалар.

Сарсыарда 7 чааска туран, ийэлэрэ бэлэмнээбит остуолугар олорон, күө-дьаа аһыыллар, бүгүн ким ханна сылдьарын, хаска кэлэрин сүбэлэһэллэр. Аһаан бүтээттэрин кытта аҕалара Георгий үлэтигэр бара таарыйа оҕолорун илдьэттиир.

Манна даҕатан эттэххэ, былырыын Хатас оскуолатын анал автобуһа Оконушкиннар олорор Баҕарар учаастактарын оҕолорун биир уулуссаттан хомуйан илдьэн-таһан абыраабыта. Нэһилиэктэн тэйиччи турар учаастак оҕолоро уонна төрөппүттэрэ быйыл автобустара эмиэ сүүрэрин эрэнэ күүтэллэр.

Оконушкиннар оҕолоро киэһэ бэйэлэрэ кэлэ үөрэммиттэр. Күнүс үөрэх кэнниттэн дьиэлэригэр кэлэн чэйдээн баран, салгыы ким ханнык куруһуокка сылдьарынан дьарыктана бараллар. Уолаттар тустуу уонна футбол куруһуогар дьарыктаналларын сөбүлүүллэр.

Оконушкиннар ыал буолаат, аан бастаан икки этээстээх уопсай дьиэ биир хостоох квартиратыгар олорбуттар. Онтон дьиэ арендалыы сылдьыбыттар. Таҥара бэлэҕэ – күндү оҕолоро кэлэннэр, улахан дьиэ туттар кэмнэрэ кэлбитин өйдөөбүттэр. Иккис оҕоҕо кэлэр өрөспүүбүлүкэ уонна федеральнай хапытаалынан, өссө эбии кредит ылан улахан дьиэ туттарга быһаарыммыттар. Элбэх оҕолоох ыалларга учаастак биэрэллэрин да иһин, Хатаска саҥа оройуоҥҥа учаастак атыыласпыттар.

Эйэҕэс, үөрүнньэҥ майгылаах, кэпсэтинньэҥ хаһаайка дьиэ кэргэнин, оҕолорун туһунан наар үчүгэйи эрэ кэпсиир. Туох да кыаллыбат, ыарахаттар боппуруостары тумнар. Ол да буоллар, элбэх оҕолоох ыал туох ыарахаттары көрсөллөрүн ыйыталастым.

Онуоха иэримэ дьиэ иэйэхситин аатын чиэстээхтик сүгэ сылдьар ийэ:

Барыта үчүгэй. Арай, үп-харчы өттүнэн ыарахаттары көрсөбүт. Аҕабыт эрэ үлэлиир, кини эрэ булар-талар. Хата, Баҕарахха сайыҥҥы уу ситимэ тардыллан, быйыл теплица тутуннубут. Оҕурсуну айахпытыгар тото сиэн астынныбыт. Эһиил өссө элбэҕи олордор былааннаахпыт. Хортуоппуйу манна кэлээт да, тута олордубуппут. Бастакы сылбытыгар 8 куулу, быйыл уон куулу ыллыбыт, – диэн астына кэпсиир.

Элбэх оҕолоох, иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн сааскы-күһүҥҥү үлэлэргэ тутуспутунан тахсар. Дьиэ таһын ыраастааһын, хортуоппуйу олордуу, хомуйуу – барыта улаатан эрэр эмдэй-сэмдэй уолаттар эбээһинэстэрэ. Иһиттэрин да кылбаччы сууйан кэбиһэллэр, дьиэлэрин иһин хомуйаллар.

Биллэрин курдук, өрөспүүбүлүкэ элбэх оҕолоох ыалларыгар социальнай хантараак көрүллэн, элбэх ыалга улахан туһаны аҕалбыта. Ол курдук, Оконушкиннар эмиэ социальнай хантараакка киирсэн, сыбааркалыыр аппарат, генератор уо.д.а. тэриллэри атыылаһан, нэһилиэнньэҕэ туһалаах өҥөлөрү оҥороллопр. Ол, биллэн турар, элбэх оҕолоох ыалга улахан өйөбүл.

Аҕабыт туруу үлэһит киһи. Дьаһалтабытыттан улахан көмө, өйөбүл көрдөөбөппүт. Кыахпыт баарынан олоробут. Оҕолор үөрэхтэригэр этэҥҥэлэр, оскуола актыбыыстара. Тустуунан, футболунан дьарыктаналлар. Оҕо уһуйааныгар сылдьар уолбут ыллыыр, олоҥхолуур. Оҕо саадыгар киирэргэ чэпчэтиилээх уочаракка турар буолан, оҕолор улааталларыгар уочараттара тиийэн кэлэр. Удьуор ситимэ быстыа суохтаах. Оҕолор төрөппүттэрин төрөөбүт сирдэрин-уоттарын билиэхтээхтэр, сибээстэрин быһыа суохтаахтар, – диэн Ольга кырачаанын ньилбэгэр олордон эрэ аа-дьуо кэпсиир.

Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, быйыл сайын түөрт улахан уол Суола Ыһыаҕар тахсан олоҥхолоон, уон тыһыынча харчынан бириэмийэлэнэн, улаханнык үөрэн-көтөн кэлбит. Ол харчыларын атыҥҥа туттубакка, кабельнай телевизор тэриэлкэтин атыыласпыттар. Онон оскуола уонна Хатас с. библиотекаларыттан сөбүлээн уларсар кинигэлэрин ааҕалларын быыһыгар кыһын сылаас дьиэҕэ олорон, таптыыр биэриилэрин көрөөрү сүргэлэрэ көтөҕүллэ сылдьар.

This post was published on 18.10.2016 16:30 16:30