Арассыыйа спордун миниистирэ Олег Матыцин бирикээһинэн алта саха спортсменнарыгар Арассыыйа спордун маастарын аатын иҥэрдилэр. Кинилэр спорт араас көрүҥүнэн дьарыктаналлар, диэн СИА кэпсиир.
Дойду спордун миниистирин бирикээһэ муус устар 27 күнүгэр бэчээттэннэ. Онно алта Саха спортсменнарын ааттара көстөллөр.
Ол курдук, кинилэр ортолоругар Александр Нечаев (чэпчэки атлетика), Марина Бандерова, Алина Готовцева (буулдьанан ытыы), Диана Готовцева (инбэлииттэр спортара), Петр Кириллин (спортивнай тустуу) уонна Карина Ефимова (дзюдо).
This post was published on 28.04.2022 16:01 16:01