Бырабыыталыстыба Псковскай, Ростовскай, Рязанскай уонна Самарскай уобаластарга, Карачаево-Черкессияҕа уонна Саха сиригэр дэриэбинэлэри сайыннаралларыгар 370 мөлүйүөн кэриҥэ солкуобайы ыытыаҕа, диэн премьер-миниистир Михаил Мишустин иһитиннэрдэ.
Тыа сиригэр уу ситимнэрин тардыахтара, култуура дьиэлэрин, уһуйааннары, оскуолалары уонна библиотекалары тутуохтара эбэтэр саҥардыахтара. Ону тэҥэ, тустаах тырааныспар атыылаһыллара сабаҕаланар. Бу быһаарыы 16 тыһыынча олохтоохтордоох 14 нэһилиэктэри хаачыстыбалаах социальнай уонна инженернэй инфраструктуранан хааччыйыаҕа.
«Маннык үлэ Арассыыйа атын субъектарыгар эмиэ салҕанан барыаҕа, тыа сиригэр олорор дьоҥҥо наадалаах өҥөлөр бары тоҕоостоох буолалларын ситиһиэххэ наада», — диэн түмүктээтэ Мишустин.
This post was published on 09.08.2022 17:03 17:03