Москваттан «Азия оҕолоро» оонньууга кыттар Анастасия Журавлева харбааһыҥҥа алта мэтээли ылла. Итинтэн үһэ «кыһыл көмүс», иккитэ «боруонса» уонна биирэ «үрүҥ көмүс». Кини кыра сылдьан ууттан олус куттанарын туһунан СИА-ҕа кэпсээтэ.
— Настя, эт тоҕо чуолаан харбааһыны таллыҥ?
— Мин кыра эрдэхпинэ, төрөппүттэрим бассейыҥҥа аан бастаан илдьибиттэригэр олус куттаммыппын өйдүүбүн, оттон билигин ууттан арахпаппын. Ордук баттерфляйы сөбүлүүбүн.
— Ханнык стиллэргэ мэтээллэри ыллыҥ?
— Мин уопсайа алта мэтээллээхпин, итинтэн үс «кыһыл көмүс» мэтээли кроль эстафетатыгар ыллым, икки «боруонсаны» баттерфляйга уонна биир «үрүҥ көмүһү» — комбинированнай харбааһыҥҥа.
Харбааччылар бары олус күүстээхтэр, күн аайы тренажердарга дьарыктанабыт.
— Спорт тус олоххор, үөрэххэ мэһэйдээбэт даа?
— Суох, мин спорт оскуолатыгар үөрэнэбин. Күммүт эрчиллииттэн саҕаланар, онтон үөрэнэбит, ол кэнниттэн киэһэҥҥи дьарык. Барыта биир сиргэ буолар.
— Оттон аралдьыйыы?
— Миэн спорду уонна үөрэҕи туохтааҕар да үрдүктүк тутабын.
— Инникитин туох былааннааххын? Харбааһыны хаалларбатыҥ буолуо…
— Оннук! Кэлин тренер буолар ыра санаалаахпын.
— «Азия оҕолоро» туһунан туох санаа үөскээтэ?
— Барытын олус сөбүлээтим: уу чэпчэки, утарсааччылар күүстээхтэр. Урал кыргыттара ордуктар. Эстафетаҕа уустук уонна тэҥ киирсиигэ биһиги хамаандабыт кыайыылааҕынан тахсыбыта. Эдэр спортсменнар бу оонньууларга кытталларыгар сүбэлиэх этим, манна олус интэриэһинэй.
This post was published on 10.07.2016 10:47 10:47