«Илии сылааһа» диэн ааттаах анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар таҥас-сап тигиитин күрэҕэ түмүктэннэ. Манна Сунтаар улууһуттан 8 хамаанда кыттыбытыттан 2-тэ Кэмпэндээйиттэн кытынна.
5-тии киһилээх хамаандаларга саастаах да, эдэр да ийэлэр кытыннылар. 4 күнү быһа түүннэри-күнүстэри күүстээх үлэ түмүгэр, барыта 6 кэмпилиэккэ 70 араас таҥаһы тиктилэр. Кыттааччылар тэрээһин кэннэ бэйэлэрин санааларын эттилэр.
«Кэрэ кэм» хамаанданы салайбыт Александра Герасимова: «Кыра Кэмпэндээйибитигэр икки хамаанданы кытыннаран сүҥкэн улахан дьыаланы оҥордубут, бэйэ-бэйэбититтэн иистэнэргэ уопут ыллыбыт. Хамаандаларга эдэрдэр да, саастаахтар да бааллар. Аҕам саастаахпыт Зоя Сымытова сылдьыста«.
Оттон «Туус Кэнэли» хамаанда салайааччыта Вера Семенова: «Инники өттүгэр анал байыаннай дьайыыга көмөлөһөргө анаммыт маннык ыытыллар туһалаах үлэлэргэ хамаанданан кыттарга өрүү бэлэммит«, — диэн түмүктээтэ. Олохтоох дьаһалта тигиллибит таҥастары Сунтаарга тиксэрдэ.
Ааптар: Татьяна Местникова, бибилэтиэкэр, Сунтаар сонуннара хаһыат