Анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр Ньурба улууһуттан алта бииргэ төрөөбүт уолаттар сулууспалыыллар. Бастаан кыра уол мобилизацияламмытыгар, улахаттар хантараак суруйсан, баҕа өттүлэринэн эмиэ бараллар.
Уолаттар төрүттэрэ I Кангаласс, Ньурба улууһа. Дьиэлэригэр уон бииргэ төрөөбүттэр: сэттэ уол уонна үс кыыс. Ийэлэрэ оҕолорун соҕотоҕун атахтарыгар туруортаабыта. Аҕалара эрдэ ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта.
2022 сыл балаҕан ыйыгар саамай кыраларын мобилизациялаабыттар. Оччолорго улахаттар хантараак түһэрсэн, СВО-ҕа сулууспалыы барарга быһаарыы ылаллар. Саамай улаханнара ИДьМ бэтэрээнэ, Чечня анал дьайыытын кыттыылааҕа.
«Военкоры Якутии» телеграм-ханаалга суруллубутунан, эр дьон араас хайысханан сулууспаны ааһаллар, позывнойдара Курыш, Мирный, Вики, Кока, Москва, Хатыы. Бастакы — инники кирбиигэ сылдьааччы, иккис — миинэһит, үһүс — дрону үлэлэтээччи, төрдүс — суоппар, бэһис — эрэспиэккэҕэ сылдьар уонна алтыс — тааҥканы сэрээттээччи.
Москва бааһырыы ылан, илиитин ампутациялаабыттар. Кини билигин госпитальга баар.
Эр хоһууннар тустарыгар чугас дьоно долгуйаллар, ити эрээри бырааттыылар дьиҥнээх эр киһи диэн дьиэ кэргэнин, дойдутун араҥаччылааччы буолар диэн этэллэр.
This post was published on 15.02.2024 12:33 12:33