“АЛРОСА” уонна “Үүнэр көлүөнэ пуондата” тыа сирин олохтоохторун ыра санаатын олоххо киллэрэллэр

Саха сирин нэһилиэктэрэ Ыһыах национальнай бырааһынньыгар быйыл бэрт дьиктитик, ол эбэтэр ыраахтан олорон кыттыыны (“дистанционнай формакка”),  анаан тэрийээри ох курдук оҥосто, кустук курдук куоһана сылдьаллар. Уус Алдан Уһун Күөл бөһүөлэгин култуураҕа үлэһиттэрэ да бу бэлиэ түгэнтэн туора турбаттар.


Уһун Күөл култууратын үлэһиттэрэ хайыы үйэ олохтоохторугар анаан ыһыах киэҥ хабааннаах дьоһун бырагырааматын бэлэмнээбиттэр. Ыһыах ыһыллар былаһааккатын талан, онлайн-холбонуу көмөтүнэн бу туонаҕа буолар тэрээһини көрдөрөр гына суоттанан, үлэ-хамнас үллэр үөһүгэр сылдьаллар. Хата, кэрэхсэбиллээҕэ, иллэрээ сыллааҕыта бу Уһун күөл сэлиэнньэтигэр “АЛРОСА” АХ СӨ “Үүнэр көлүөнэ пуондатын” нөҥүө анал үбүлээһини көрбүтүн суотугар тутуллубут бэрт астык “Аргыс” диэн Сынньалаҥ киинэ тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Пуонда сүрүннүүр бары да тутууларын курдук, бу киин санаа иһинэн, баҕа хоту тутуллубут. Үлэлиир усулуобуйалара бэркэ оҥоһуллубут, исписэлиистэргэ көмпүүтэр тэрилэ барыта баар гына хааччыллыбыт.

Манна сыһыаран эттэххэ, аҥаардас кэнники сылларга аахсыйатын 33 бырыһыана өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр баар  “АЛРОСА” алмаас хампаанньатын үбүлээһининэн, Саха сиригэр 30-тан тахса бастакы уочарат наадалаах социальнай эбийиэктэр – балыыһа, оскуола, оҕо саадын дьиэлэрэ, успуорт кииннэрэ, култуура дьиэлэрэ уо.д.а. – үлэҕэ киирдилэр. Ол курдук, 2011 сылтан 2019 сылга диэри кэмҥэ АЛРОСА ити сыалга анаан, Үүнэр көлүөнэ пуондатыгар бүтүн 6 млрд солк. тахса үбү, ол иһигэр былырыын 2019 сылга – 1 млрд солк. курдук үбү көрөн турар.

«Уопсайынан, бу кулууп үлэҕэ киириитэ – нэһилиэк олохтоохторугар дьоһун уонна улахан суолталаах. Этэргэ дылы, бу тутуу дьэндэйиэҕиттэн нэһилиэк култуурунай, уопсастыбаннай олоҕо кустук өҥүнүү киэргэйдэ, тубуста. Кулууп аһыллыытын үөрүүлээх тэрээһинин кыттыылаахтара хайдах курдук сүргэлэрэ көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн туран, тутааччыларга, үбүлээччилэргэ махтаммыттарын, тутуу хаачыстыбатын, тупсаҕай көстүүтүн үөрэ бэлиэтээбиттэрин күн бүгүнүгэр диэри истиҥник саныыллар. Сорохтор бу бэрт кылгас кэм иһигэр маннык астык, аныгы ирдэбилгэ хоруйдуур, сырдык уонна киэҥ-куоҥ кулууп дьэндэйиэ, эбиитин туһунан таҥас устар-кэтэр сирдээх, кафель муосталаах буолуо диэн санаабат да этилэр”, —  “Аргыс” Сынньалаҥ киинин дириэктэрэ Иннокентий Борисов санаатын үллэстэр.

2018 сылга диэри бөһүөлэк туох баар култуурунай тэрээһинэ 1962 сыллаахха тутуллубут, эргэ, тымныы мас дьиэҕэ ыытыллара. Тыа сирэ бу сыллар тухары сайдан, олохтооҕун ахсаана эбиллэн, дьиҥ санаалыын, дууһалыын сынньанарга сөптөөх, бэртээхэй усулуобуйалаах саҥа уонна киэҥ тутууга наадыйыыта улаатан испитэ. Онон өрөспүүбүлүкэ уонна улуус салалтата кинилэри өйөөн, СӨ “Үүнэр көлүөнэ пуондатын” иһинэн эмиэ АЛРОСА баҕа өттүнэн көмөлөһөр үбүн суотугар олоххо киирэр “Кэлэр кэскил туһугар” тус сыаллаах бырагырааматын чэрчитинэн «Содействие» хос-бырагырааманан 2017 сыллаахха кулуубу тутуу үлэтэ саҕаланан барбыт. «Эргэ кулууппутугар элбэх кыттааччылаах маассабай тэрээһиннэри ыытар кыахпыт суоҕа, исписэлиистэр биир кыараҕас хоско үлэлииргэ күһэллэллэрэ. Бары тутталларыгар диэн, биир көмпүүтэр баара. Аны, кыһынын эргэ дьиэ олус тымныы буолара. Көрөөччү да итинник усулуобуйаҕа кулуупка кэлэр көҕө суоҕун тэҥэ этэ, кэллэхтэринэ да истээх ыстааннаах, хаатыҥкалаах, унтуулаах олоруохтарын наадата. Оннук түгэҥҥэ эрэ туруорууну тиһэҕэр диэри көрөр кыахтаахтара»,  – дириэктэр урукку кэми санаан кэпсиир.

Дьэ, ол оннугар билигин олохтоохтор бөһүөлэк култуурунай уонна духуобунай олоҕун килбэйэр киинэ, түмүллэр тутулуга буолбут Сынньалаҥ киинигэр үөрүүнэн кэлэллэр. Кулууп саҥа тутуутугар тыйаатыр туруоруулара, кэнсиэрдэр, араас куонкурустар, күрэхтэр, успуорт тэрээһиннэрэ тиһиги быспакка ыытыллаллар. Манна оҕо-аймах, эдэр-эмэн да олохтоохтор, эдэр ыаллар астына аралдьыйан, дьарыктанан, сайдан бараллар. Ол курдук, салайар кэлэктиибин уонна бөһүөлэк бары олохтоохторун ааттарыттан кулууп дириэктэрэ “«АЛРОСА» АХ(ПАО), СӨ “Үүнэр көлүөнэ пуондатыгар” уонна өрөспүүбүлүкэ, улуус, төрөөбүт нэһилиэктэрин салалталарыгар барҕа махталларын тиэрдэр.

«Саҥа кулууп, кырдьыга да, санааны, бары кыһамньыны ууран туран тутуллубута көстөр – туһунан кэбиниэттэрдээх, куруһуокка анаммыт хостор, көстүүм уларыттар, ууруллар сирэ, икки убуорунай, иики гримерка, 120 киһи тэҥинэн олорон көрөрүгэр сөптөөх көрөр саала, гардероб, икки фойе бааллар. Бу балар бары салгын киирэригэр сөптөөх хаачыстыбалаах вентиляциянан хааччыллыбыттар, электричество щитэ туһунан турар гына оҥоһуллубут. Сыана сабыыта бэйэтэ аһыллар-сабыллар гына (автомат) оҥоһуллубут олус табыгастаах”, — диэн кулууп дириэктэрэ анаан бэлиэтиир.

Иннокентий Борисов эппитин курдук, култуура үлэһиттэрэ өрө көтөҕүллэн туран, саҥаттан саҥа бырайыактары толкуйдууллар, араас көрүҥ киэптээх тэрээһиннэри бэлэмнииллэр. Билигин саала куруук да көрөөччүнэн толору буолар. «Ити, чахчыта да санааны кынаттыыр!», — диэн Сынньалаҥ киинин салайааччы ис туругун үөрэ үллэстэр.

Күн бүгүн “АЛРОСА” АХ (ПАО) үбүлээһининэн «Үүнэр көлүөнэ пуондата» өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар, улуустарыгар өссө биэс саҥа социальнай эбиийиэги туттарыыны сүрүннээн, тыа сирин олохтоохторо сынньанар, аралдьыйар уонна эмтэнэр кыахтарын тупсаран, кинилэр ыра санааларын олоххо киллэрэргэ ылсан дьарыктанар.

This post was published on 18.06.2020 11:01 11:01