Алмаас. Былыр да, быйыл да киһи аймах дьулуһан туран көрдөөбүт, ол туһугар үгүс сыратын-сылбатын бараабыт күндү тааһа. Өскөтүн былыр алмаас таас уонна онтон чочуллубут-нарыламмыт бирилийээн аан дойду ааттаахтарын таҥаһын-сабын, кинилэр хотуттарын уран тарбахтарын, түөстэрин симиир-киэргэтэр, күүстэрин-кыахтарын бэлиэтиир таас эрэ быһыытынан сыаналанар эбит буоллаҕына, күн бүгүн бу үгүс сыранан хостонор айылҕа баайа элбэх судаарыстыба олоҕун хааччыйар, социальнай кыһалҕатын толуйар, үбүн-аһын хааччыйар биир сүрүн уонна тутаах баайа.
Арассыыйа сиригэр-уотугар биирдиилээн алмаастары 18-с эрэ үйэттэн саҕалаан булан барбыттара. Ол иннинэ монархтар, дыбарыастар хааһыналарыгар-хаппардарыгар хараллар таас омук сирдэриттэн киирэрэ. Биллэн турар, оччолорго биһиги да дойдубутугар алмаас баар буолуохтаах диэн көрдүү сатаабыттара эрээри, улахан билим чинчийиилэрэ ыытыллыбатахтара. Оннугу тэрийэр, ыытар кыах даҕаны суох этэ.
Арассыыйаҕа алмааһы билим уонна үөрэхтээхтэр чинчийиилэригэр олоҕуран дьиҥнээхтик, утумнаахтык көрдөөһүн Сэбиэскэй судаарыстыба тэриллибитин кэннэ, ааспыт үйэ 1930-с эрэ сылларыттан, саҕаламмыта. Ити сылларга дойдубут бөдөҥ, биллиилээх учуонайа, чинчийээччи-геолог Владимир Соболев Соҕурууҥҥу Африка уонна Сибиир платформаларын геологията олус майгыннаһалларын туһунан сырдатар улахан монографията тахсыбыта. Үлэ-хамнас торумнанан, көрдөөн киирэн барбыттара.
Ол эрээри, көрдүүр-чинчийэр үлэ саҥа саҕаланан эрдэҕинэ Аҕа дойду Улуу сэриитэ адаҕайан, бары-барыта тохтоон, күүһү-күдэҕи атыҥҥа туһаайарга күһэллибиттэрэ.
Алмаастаах түбэлэри көрдүүр үлэ 1940-с сыллар бүтүүлэригэр эрэ сөргүтүллүбүтэ. Сибиир былаһын тухары хас даҕаны геология көрдүүр, чинчийэр эспэдииссийэтэ ыытыллыбыта. Кинилэр, сүрүннээн, алмааһы Бүлүү өрүскэ уонна кини салаалара Оччугуй уонна Улахан Ботуобуйаларга көрдүүр соруктаахтара.
Ол түмүгэр бастакы дьиҥнээх алмааһы Саха сириттэн 1949 сыллаахха биирдэ булбуттара. Онтон 1954 сыллаахха номоххо киирбит “Зарница” туруупка арыллыбыта. Бу – Саха сирин ааһан бүтүн Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн алмаас көстүбүт бастакы уонна улахан сирэ этэ. Дьэ ити кэмтэн саҕаламмыта, биһиги дойдубутугар алмаас бырамыысыланнаһын устуоруйата.
Хамсык хаарыйбыта эрээри…
Билигин Арассыыйа алмааһын улахан аҥаарын АЛРОСА хампаанньа хостуур. Ол курдук, кини дойдубут алмааһын 90-тан тахса, оттон аан дойду алмааһын 30-ча бырыһыанын хостуур. Чинчийээччилэр, аналитиктар сылыктыылларынан, аан дойду алмааһын саппааһын үс гыммыттан биирин биһиги тэрилтэбит, биһиги судаарыстыбабыт бас билэр. Оттон 2020 сыл түмүгүнэн, ити курдук улахан хампаанньаҕа 1 587 Саха сирин олохтооҕо, чуолаан ыччат саастаах дьон, үлэлии-хамсыы сылдьар. Ол эбэтэр, АЛРОСА Саха өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоох дьону үлэнэн-хамнаһынан хааччыйар биир саамай улахан тэрилтэ.
АЛРОСА – аахсыйалаах хампаанньа. Кини аахсыйатын 25 %-нын Саха өрөспүүбүлүкэтэ бас билэр. Ону таһынан, алмаастаах түөлбэ аҕыс улууһугар, ол эбэтэр Бүлүүгэ, Үөһүү Бүлүүгэ, Ньурбаҕа, Сунтаарга, Мииринэйгэ, Ленскэйгэ, Өлөөҥҥө, Анаабырга, биирдии аахсыйа баар. Ол быһыытынан, хампаанньа Саха сиригэр нолуок төлүүрүн таһынан, улуустарга дивиденд харчытын көрөр.
Холобур, Саха өрөспүүбүлүкэтэ уонна аҕыс алмаастаах улуус 2020 сыллаахха барыта 6,4 миллиард солокуобайы ылбыттара. Ол, 2016 сылы кытта тэҥнээтэххэ, биир чиэппэринэн, оттон 2012 сылы кытта тэҥнээтэххэ, икки төгүл улахан суума.
2020 сыл иккис аҥаарын түмүгүнэн, Саха өрөспүүбүлүкэтэ уонна аҕыс алмаастаах улуус 2019 сыллааҕы дивиденд сууматыттан үс аҥаар төгүл улахан сууманы ылыахтаахтар – 23,2 миллиард солкуобайы. Бу – сыл аҥаардааҕы дивиденд рекорда. 2021 сыл атырдьах ыйынааҕы төлөбүрэ 2018 сыл бүттүүн төлөбүрүнээҕэр бэрт аҕыйаҕынан кыра. Оттон 2018 сыл – алмаас атыытын рекорда олохтоммут сыла.
Тэҥнээн көрдөххө, 2010 сыллаахха, аан дойдутааҕы үп-харчы кириисиһин кэнниттэн, АЛРОСА өрөспүүбүлүкэҕэ уонна улуустарга 100 мөлүйүөн солкуобайтан кыра харчыны биэрбитэ. Оттон ааспыт үс сылга – 2018-2020 сс. – Саха сирэ АЛРОСАттан 2010-2017 сс. 20 млрд солкуобайынан элбэх харчыны ылбыта.
АЛРОСА Саха сирин социальнай бэлиитикэтигэр улахан болҕомтотун уурар. Үгэс курдук, хампаанньа нолуогун уонна дивиденин суотугар Саха өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүн 40 %-нын толуйар. Алмаастаах түөлбэ улуустарыгар ботуччу суумалаах дивидени төлүүр. Оттон ол харчы сөбүлэһии уонна дуогабар быһыытынан, улуус инфраструктуратын тупсарыыга, социальнай наадыйыыны толуйарга, уопсайынан, быһаччы улуус сайдыытыгар туһаныллар.
Бүгүн Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Семенович Поскачин дивиденд харчыта төһө буоларын, ол туохха, хайдах туттулларын, ханна ороскуоттанарын, улууска ханнык социальнай эбийиэктэр тутулла туралларын уонна ыраас, үчүгэй хаачыстыбалаах иһэр уунан хааччыйыы боппуруоһун туһунан сырдатар.
Тутууттан саҕалаан Олоҥхоҕо тиийэ
– Владимир Семенович, биллэрин курдук, былырыын хамсыгынан сибээстээн, бэл, аан дойду таһымнаах улахан хампаанньалар оҕустарбыттара. Үп-харчы хамсааһына, атыы-эргиэн, оҥорон таһаарыы ханна даҕаны атахтана, харгыстана сылдьыбыта. Ол да буоллар 2020 сыл бүтүүтүгэр АЛРОСА аан дойду ырыынагар алмаас сырьетун үчүгэйдик атыылаабыта. Онон бу атырдьах ыйыгар 2020 сыл иккис аҥаарынааҕы дивиденд харчыта кэлиэхтээҕэ. Туттугут дуо? Дивиденд харчытын суумата төһө буоларый?
– 2020 сыл иккис аҥаарынааҕы АЛРОСАттан ылар дивидеммит харчытын атырдьах ыйыгар номнуо тутан олоробут. Суумата 702 550 738 солкуобай буолла.
– Этэҥҥэ буоллаҕына, итини таһынан алмаастаах түөлбэ улуустара 2021 сыл бүтүүтүгэр бу сыл бастакы аҥаарынааҕы дивидени эмиэ тутуохтаахтар. Ол хаһан кэлэрэ, төһө-хачча суумалааҕа чопчу биллэр дуу, билиҥҥитэ эрдэ, биллэ илик дуу?
– 2021 сыл бастакы аҥаарынааҕы дивиденд сууматын туһунан билигин чопчу этэр кыаллыбат. Биллибэккэ турар. Арай урукку сыллардааҕыттан уларыйбатаҕына, этэҥҥэ буоллаҕына, дивиденд харчытын, үгэс курдук, сэтинньи ый бүтүүтүгэр тутуохпут. Урут оннук кэлэр буолара.
– Дивиденд харчыта барыта Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын, чуолаан СӨ Экэниэмиэҕэ министиэристибэтин, сөбүлэһиитинэн тыырыллар. Үөһээ Бүлүү улууһугар дивиденд харчытын туохха тыыран, хайдах аттаран олороҕутуй? Сүрүн тыырыллар хайысхалара (эйгэлэрэ) ханныктарый?
– Кэнсиэпсийэ быһыытынан, дивиденд харчытын 60-тан кырата суох бырыһыана инвестиция хайысхатыгар, оттон 40-тан кырата суох бырыһыана инвестицията суох (неинвестиционный) хайысхаҕа барыахтаах. Билигин биһиэхэ кэлэр харчы, сүрүннээн, баараҕай тутууларга бара турар. Ол курдук, Тамалакаан нэһилиэгэр уһуйаан-оскуола, Ботулуу нэһилиэгэр 165 миэстэлээх үөрэнэр оскуола, Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгэр бэйэтигэр МФОКС тутуллаллар. Итини таһынан харчы суол тутуутугар, өрөмүөнүгэр ороскуоттанар.
Итиннэ эбэн эттэххэ, 2022 сыллаахха, ол эбэтэр эһиил, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэмитин 100 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн чэрчитинэн ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕа биһиги улууспутугар буолуохтаах. Онно бэлэмнэнэргэ эмиэ кырата суох үбү-харчыны көрөн-тыыран олоробут.
– Владимир Семенович, сыыспат буоллахпына, дивиденд харчыта сүрүннээн инфраструктураны сайыннарарга, социальнай суолталаах эбийиэктэри тутарга, онтон да араас улуус сайдыытыгар төһүү буолуохтаах хайысхаларга туттуллар. Кэлиҥҥи биир-икки сылга дивиденд харчытын көмөтүнэн ханнык салааҕа чопчу туох үлэ-хамнас барбытын, туох көмө оҥоһуллубун кэпсии түс эрэ.
– Биһиги улууспутугар дивиденд быһыытынан киирэр харчыны сүрүннээн тутууга уонна суолбутун-ииспитин тупсарыыга, саҥардыыга, чөлүгэр түһэриигэ ыыта сатыыбыт. Ол быһыытынан, 2020 уонна 2021 сыллардаахха улууска социальнай эбийиэктэри тутууга барыта 503 мөлүйүөн кэриҥэ үп көрүллүбүтэ. Ол курдук, Тамалакаан нэһилиэгэр 2019 сылтан бэттэх уһуйаан-оскуоланы тута сылдьабыт. Онтон оскуолата – 100, уһуйаана 45 миэстэлээх буолуохтаах. Ити улахан тутуубут быйыл күһүн алтынньыга түмүктэниэхтээх, уһуйаан-оскуола үлэҕэ киириэхтээх.
Эрдэ этэн аһарбытым курдук, Тамалаан уһуйаан-оскуолатын сэргэ биир улахан, 165 миэстэлээх оскуола Боотулуу нэһилиэгэр тутулла турар. Оттон Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгэр быйыл МФОКС тутуута түмүктэниэхтээх.
Итини сэргэ улууспутугар “Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ” үтүө дьыала хамсааһынын чэрчитинэн араас хайысхаҕа эмиэ тутуу ыытыллар. Онно нэһилиэктэрбитигэр өйөбүл, күүс-көмө буолабыт. Ол курдук, күн бүгүн Нам нэһилиэгэр 150 миэстэлээх Айымньы дьиэтин (Дом творчества) тута сылдьаллар. 2020 сыллаахха, былырыын, Быракааҥҥа култуура уонна успуорт комплекса, Кэнтиккэ успуорт саалатын тутуута түмүктэммитэ. Тутуу итинэн эрэ муҥурдаммат. Үлэ-хамнас бара турар.
Суол тутуутун туһунан эттэххэ, ити хайысхаҕа 2020 уонна 2021 сылларга уопсайа 152 мөлүйүөн солкуобай суумалаах үп-харчы көрүллэн, үлэ-хамнас ыытыллыбыта.
Ол курдук, 2020 сыллаахха суола-ииһэ суох Хомустаах нэһилиэгэр тиэрдэр суол оҥоһуллан, үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйбыппыт. Сургуулук нэһилиэгэр билигин даҕаны суол оҥоһулла турар.
Итилэри сэргэ атын да суоллары өрөмүөннүү, оҥоро сылдьабыт. Холобур, Үөһээ Бүлүү уонна кэккэлэһэ турар Үөдүгэй нэһилиэктэрин суоллара сыл аайы оҥоһуллан, кытаанах матырыйаалынан бүрүллэн, үчүгэй оҥоһуулаах суолбут элбии турар.
Тутуу, суолу-ииһи таһынан интэриниэт, сибээс сайдыытыгар эмиэ болҕомтобутун уурабыт. Ол курдук, Бүлүү өрүс уҥуоргу өттүгэр сытар нэһилиэктэрбитигэр түргэн тэтимнээх интэриниэт ситимэ (оптоволокно) тардыллыбыта. Быйыл ити хайысхаҕа үлэбит-хамнаспыт эмиэ салҕанар. Куду-Быракаан-Өргүөт хайысханан үлэлиир былааннаахпыт. Онон эһиил, ол эбэтэр 2022 сылга, Кудуга, Быракааҥҥа уонна Өргүөккэ эмиэ түргэн интэриниэт киириэхтээх.
Уу – олох төрдө
– Владимир Семенович, Бүлүү улуустарын хаачыстыбалаах иһэр уунан хааччыйар бырагыраама чэрчитинэн эмиэ элбэх үлэ ыытыллар. Кэлин улууска туох уларыйыы таҕыста, туох үлэни-хамнаһы тэрийдигит?
– Бүлүү улуустарын хаачыстыбалаах иһэр уунан хааччыйар бырагыраама чэрчитинэн, 2020 сыллаахха Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин “водозабора” толору саҥардыллыбыта, реконструкцияламмыта. Даҕатан эттэххэ, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин дьаһалтата “Водоканал” аахсыйалаах уопсастыбаны кытта концессионнай сөбүлэһиини түһэрсэн үлэлээбитэ. Билигин ол үлэ этэҥҥэ баран, нэһилиэнньэҕэ бары өттүнэн эппиэттиир хаачыстыбалаах ыраас уу тиийэ турар.
Итини таһынан, быйылгыттан Үөһээ Бүлүү уонна Андреевскай бөһүөлэктэри иилии барар, сылы эргиччи уунан хааччыйар магистральнай ситими уонна канализационнай-ыраастыыр тутууну (канализационно-очистительное сооружение) тутар улахан үлэ саҕаланна.
– Владимир Семенович, кэпсээниҥ иһин махтанабын.
АЛРОСА – социальнай хайысхалаах бырамыысыланнай тэрилэ
АЛРОСА бэйэтэ үлэлиир эрэгийиэнин социальнай бэлиитикэтигэр улахан болҕомтотун уурар. Үгэс курдук, хампаанньа нолуогун уонна дивиденин суотугар Саха өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүн 40 %-нын толуйарын таһынан, Саха сирин социальнай бырайыактарыгар быһаччы 10 млрд солкуобайы көрөр. Ол курдук, алмаастаах хампаанньа сыл аайы араас хайысхалаах 500 социальнай бырайыагы олоххо киллэрэр. Ол иһигэр үөрэҕирии, доруобуйа харыстабылын, успуорт эбийиэктэрин тутууну уонна Арассыыйа таһымнаах успуорт тэрээһиннэрин ыытыыны, экология чөл буолуутугар сыһыаннаах үлэни үбүлүүр.