АЛРОСА өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар 940 млрд солкуобайы ыыппыт

АЛРОСА хампаанньа 2011 сылтан 2020 сыллаахха диэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдытыгар укпут кылаатын туһунан бастакы отчуотун таһаарда. Онно сурулларынан АЛРОСА барыта 940 млрд солкуобайы укпут. 


Отчуот хампаанньа эрэгийиэн сайдыытыгар боччумнаах көмөнү оҥорорун  арылхайдык көрдөрөр. Ол – бастатан туран, үлэ миэстэлэрин таһаарыы, оскуолалары, балыыһалары уонна култуура-спорт комплекстарын тутуу, олохтоох нэһилиэнньэ тупсаҕай олорор дьиэҕэ-уокка, үчүгэй хаачыстыбалаах медицина өҥөтүгэр, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа тииһинэрин хааччыйыы итиэннэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр нолуоктары уонна дивиденнэри төлөөһүн.

Экономикаҕа кылаат. АЛРОСА 2010 сылтан саҕалаан 2020 сыллаахха диэри Саха сирин экономикатыгр 940 млрд солкуобай харчыны киллэрдэ, нолуоктары уонна дивиденнэри, хамнас төлөбүрүн уонна социальнай  инвестициялары кытары. Алмааһы хостооһунтан итиэннэ батарыыттан киирэр үп улахан өттүн өрөспүүбүлүкэ нолуок уонна дивиденд быһыытынан ылар. Итини таһынан хампаанньа дьоҕус уонна орто тэрилтэлэртэн өҥөнү, табаары атыылаһар буолан, олохтоох хаһаайыстыбаларга мэлдьи көмөлөһө турар.

Эрэгэйиэннээҕи өйөбүл. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр уонна олохтох бүддьүөттэргэ хампаанньа 408,3 млрд солкуобай нолуогу киллэрдэ, оттон Саха сиригэр уонна алмастаах түбэ аҕыс улууһугар киллэрбит дивиденин уопсай суумата 94 млрд солкуобай буолла. Күн бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтэ АЛРОСА аахсыйатын 25 %-ын бас билэр, ону таһынан аҕыс улууска  8 % аахсыйа баар (холбоон 33 %), оттон Арассыыйа Федерацията хампаанньа аахсыйатын 33 %-ын бас билэр. Ааспыт аҕыс сыллааҕар кэлиҥҥи үс сылга (2018-2020) өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр дивиденд быһыытынан 20 млрд солкуобайынынан элбэх харчы киирдэ.

Социальнай инвестициялар. 2010-2020 сылларга АЛРОСА өрөспүүбүлүкэ социальнай сайдыытыгар, инфраструктураҕа уонна олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар 103,9 млрд солкуобайы укта.

Эрэгийиэн сайдыытын бырагыраамаларын үбүлээһин, благотворительнай уонна  спонсорскай көмөнү оҥоруу, үлэһиттэргэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаммыт корпоративнай социальнай бырагыраамалары үлэлэтии бу хайысхаҕа киирэр.

Онуоха үп-харчы сүрүн өттө социальнай инфраструктураны сайыннарыыга, ол иһигэр балыыһалары, оскуолалары, олорор дьиэни-уоту, чөлүгэр түһэрэр-чэбдигирдэр кииннэри уонна култуура-спорт комплекстарын тутууга туһаныллар. Ону таһынан, хампаанньа сыл ахсын «Алмазная осень»  тутулуга суох биэнсийэ пуондатыгар 3-4 мөл солк биэнсийэ төлөбүрүн оҥорор. Аҥардас 2020 сыллаахха АЛРОСА социальнай инвестицияҕа уонна биэнсийэнэн хааччыйыыга 10 млрд солкуобайы укта.

Үлэ миэстэлэрин таһаарыы. 2010 сыллаахтан 2020 сыллаахха диэри АЛРОСАҔА үлэ төлөбүрүн пуондата 334 млрд солкуобай буолла. Бу кэм устата хампаанньаҕа үс төгүл үрдэтилиннэ, 2020 сыллаах чахчынан 138 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ.

– Биһиги АЛРОСА Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар киллэрэр кылаатын туһунан бастакы отчуоту эһиэхэ оҥорбуппутуттан үөрэбит. Бу отчуот биһиги болҕомтобут үлэһиттэрбит этэҥҥэ буолууларын уонна Саха сирин кыаҕын сайыннарыыга туһуланарын өссө төгүл арылхайдык көрдөрдө. Өрөспүүбүлүкэ биһиги производственнай үлэбит сүрүн эрэгийиэнэ буоларынан, манна саҥа үлэ миэстэлэрин таһаарабыт, үлэһиттэрбитин күрэстэһэр кыахтаах хамнаһынан уонна чэпчэтиилэринэн хааччыйабыт, итиэннэ оскуолалары, балыыһалары уонна да атын социальнай инфраструктураны тутууга үлэлиибит. Инники өттүгэр өссө үгүс үлэ күүтэр, туруктаах сайдыыны уонна кэлэр көлүөнэлэргэ кэскили түстүүр туһугар биһиги бары сырабытын ууруохпут.

Быйыл сайын өрөспүүбүлүкэҕэ өтөрүнэн буолбатах ойуур баһаардара турдулар. АЛРОСА баһаары умуруорууга үлэлиир дьон сөмөлүөттэрин уона көмөлөтө тиэхиньикэлэрин заправкалыыр уматыгынан көмөлөстө. Ону таһынан Горнай улууһугар Бэс Күөлүн бөһүөлэгин чөлүгэр түһэриигэ 200 мөл. солк. харчыны ыытарга былаанныыр, — диэтэ хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов.

АЛРОСА Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар укпут кылаатын туһунан отчуот

Ыспыраапка:

АЛРОСА ыытар үлэтэ корпоративнай социальнай эппиэтинэс (corporate social responsibility, CSR) саамай үрдүк стандартарыгар сөп түбэһэр. Сыллата 500 социальнай бырайыактары уонна айылҕа харыстабылын көҕүлээһиннэри олоххо киллэрэр, «Алмаастар  көмөлөһөллөр» (Diamonds that Care) сүҥкэн бырагыраама чэрчитинэн, сыл ахсын барыһын 8 %-ын олорго туһаайар. АЛРОСА социальнай уонна экологическай инвестицията бэйэтин кээмэйинэн сылга 20-25 млрд солк. суумалаах сир баайын хостуур инфраструктураны тэхиньиичэскэй  хааччыйыы таһымыгар тэҥнэһэр.

This post was published on 03.09.2021 13:12 13:12