22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

АЛРОСА олох усулуобуйатын тупсарыыга үлэлэһэр

19:40, 10 июня 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ааспыт сыл бүтүүтэ СӨ Бырабыыталыстыбата уонна “СӨ Үүнэр көлүөнэ пуондата” кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ уонна «АЛРОСА” АХ икки ардыгар  2019-2023 сылларга Бүлүү сүнньүнээҕи улуустар экологияларын уонна онно олорор нэһилиэнньэ доруобуйатын туругун билим өттүттэн чинчийии кэлим Бырагырааматын үлэлэтэр туһунан бииргэ үлэлииргэ Сөбүлэҥ түһэрсиллибитэ. Бу бырагыраама экология кыһалҕаларын, гидротехническай сооружениелар куттала суох буолууларын, нэһилиэнньэ доруобуйатын, экология тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатыгар дьайыытын, нэһилиэнньэни ыраас уунан хааччыйыы курдук уо.д.а. тыын суолталаах боппуруостары билим өттүнэн дириҥник уонна сыныйан үөрэтиини көрөр.  Ыытыллыахтаах үлэ суумата 138,0 мөл. солк.  тэҥнэһэр. 2020 сыллаахха 41,4 мөл. солк. научнай чинчийиилэр үбүлэниэхтэрэ.


Былааннаммыт үлэлэри сиһилии көрөр эбит буоллахха, билим чинчийиитин чэрчитинэн ыытыллыахтаах үлэни үс сүрүн хайысхаҕа арааран бэлиэтиэххэ сөп: Бүлүү өрүс уонна кини салаатын сүнньүлэрин экосистиэмэтин мониториннаан көрүү;  Бүлүү уонна Марха өрүстэр кытыыларыгар олорор нэһилиэнньэ доруобуйатын туругун билимҥэ тирэҕирэн чинчийии уонна кинилэр доруобуйаларын туругун чэбдигирдиигэ сөптөөх медико-социальнай тэрээһиннэр холбоһуктарын торумнаан оҥоруу; Бүлүү өрүс уонна кини салааларын сүнньүгэр түстэммит нэһилиэнньэлээх пууннары атын (альернативнай) уу источниктарынын хааччыйар кыах баарын дуу, суоҕун дуу үөрэтэн көрүү, сир аннынааҕы уу хаачыстыбаларын бэрэбиэркэлээн, кэнэҕэһин хаһаайыстыбаннай наадаҕа уонна киһи иһэригэр төһө барсарын, барсыбатын быһааран, сыаналаан көрүү.

Билим кэлим чинчийэн көрүүтүн түмүгүнэн, Бүлүү өрүс бассейнын туонатыгар тулалыыр эйгэ, Бүлүү сүнньүнээҕи улуустар нэһилиэнньэлэрин доруобуйатын туругун, олорор усулуобуйаларын тупсарар сыаллаах тэрээһиннэр уонна онно туһулаан ылыллар быһаарыылар толкуйданыахтара. Ол гынан баран сүрүн болҕомто дьиҥ олоххо көмөлөөх бырагыраама буоларыгар уурулунна. Ол курдук, билимҥэ тирэҕирбит тэрээһиннэр, технология уонна экология өттүнэн куттал суох буолуутун хааччыйарга сөптөөх сүбэлэр, экология систиэмэтэ бигэ туруктаах буоларын уонна нэһилиэнньэ доруобуйата харыстанарын хааччыйар быһаарыылар ылыллыахтара.

Сөбүлэҥҥэ олоҕуран, 2020-2021 сылларга экология туругун, нэһилиэнньэ доруобуйатын үөрэтэн-чинчийэн көрүү уонна Бүлүү бөлөх улуустарга киһи иһэригэр сөптөөх альтернативнай уу төрүөттэрин көрдүүр үлэ ыытыллыа.

Бу 2020 сыл кулун тутар уонна муус устар ыйдарга туһааннаах Бырагыраама тэрээһиннэрин олоххо киллэриини хонтуруоллуур Биэдэмэстибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа мунньахтара бэлиэр ыытылыннылар. Онно кинилэр  үс хайысханан ыытыллар билим чинчийиилэрин тэхиниичэскэй садаанньаларын уонна толоруллар үлэлэр симиэтэлэрин бигэргэппиттэр.

Тус сыаллаах Үүнэр көлүөнэ пуондатыгар Бырагыраамаҕа этиллэр үс хайысхаҕа ыытыллыахтаах чинчийэр-үөрэтэр үлэлэри толорооччулары быһаарар “закупочнай процедураны” ыытарга сорудах бэриллибит.

Чинчийиигэ түһүнэргэ бэлэмнэр

«Саха сирин Билимҥэ академията Бырагырааманы оҥорууга сүр кичэллээхтик сыһыаннаһан, ымпыгар-чымпыгар диэри толкуйдаммыт билим-тэрээһин үлэтин ыытта: Академия холбоһуктаах учуонай сэбиэттэрин мунньахтара буоллулар, билим үлэтин бырайыактара талыллан, чопчуланнылар, Бырагыраама тиэкиһэ бэлэмнэнэн, сакаасчыт сөпсөһүүтүн ааста, үс хайысханан ыытыллар чинчийиилэр тэхиниичэскэй садаанньалара уонна симиэтэлэрэ оҥоһулунна, Биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа үлэтэ тэрилиннэ, Бырагыраама үлэлэрин толорооччуну таларга туттуллар ирдэбиллэргэ анаан “закупочнай” докумуоннары бэлэмнииргэ кытынныбыт. Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 1/3 чааһа олорор, бүтүн эрэгийиэн тэҥэ киэҥ сиргэ экология боппуруостарын быһаарыы кыһалҕата сүҥкэн суолталааҕын, боччумнааҕын быһыытынан, туох баар докумуону барытын хаачыстыбалаах гына оҥорууну, сыныйан көрүүнү ирдиир. Ол курдук, бу бырагырааманы оҥоруу былаһын тухары үтүмэн элбэх сөпсөһүннэриини аастыбыт, АЛРОСА, бу хайысхаҕа сыһыаннаах СӨ министиэристибэлэрин, биир бастакынан Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, Тус сыаллаах Үүнэр көлүөнэ пуондата кыттыылаах мунньахтар буолуталаатылар. Ол түмүгэр уопсайа 5 барыйаантан талыллан, тэхиниичэскэй садаанньалар уонна олор симиэтэлэрэ бигэргэннэ»,   –  диэн, СӨ Билимҥэ академията иһитиннэрдэ.

СӨ Үүнэр көлүөнэ пуондатын салайааччыта Владимир Егоров бэлиэтээбитинэн, Бырагыраама тэрээһиннэрин олоххо киллэриини хонтуруоллуур Биэдэмистибэ икки ардыларынааҕы хамыыһыйа мунньахтарыгар үс хайысханан (тиэмэнэн) ыытыллар чинчийии тэхиниичэскэй садаанньалара уонна симиэтэлэрэ бигэргэммиттэр: «Мониторинг состояния пойменных экосистем реки Вилюй и ее притоков», «Научно-обоснованная оценка состояния здоровья населения, проживающего в бассейне реки Вилюй и ее притоков, с разработкой комплекса медико-социальных мероприятий по оздоровлению» уонна  «Оценка возможности обеспечения альтернативными источниками водоснабжения населенных пунктов в долине реки Вилюй и ее притоков».

“Закупочнай процедура” тэрээһинэ бу дьыл бэс ыйын 1 күнүгэр түмүктэммит. Ону Пуонда Үрдүкү сэбиэтэ бигэргэппитин кэннэ, билим тэрилтэлэри – толорооччулары кытта билим-чинчийэр үлэлэри (НИР) оҥорууга сотору дуогабар түһэрсиллиэ.

 Бүлүү эбэ туонатын экологияҕа кыһалҕатын саҕаланар төрүттэрэ

Сир-уот экологическай туруга – салгын, уу эбэтэр буор да буоллун – сүрүннээн, эрэгийиэн геохимическай туругуттан улахан тутулуктаах. Ол курдук, холобур, экология туругар хайа эрэ өттүнэн антропогеннай дьайыы түмүгэр олох-дьаһах хаһаайыстыбатын эбийиэктэрэ уонна бырамыысыланнас тэрилтэлэрин техногеннай сабыдыаллара  оҥоһуллуон  сөп.

Биллэрин курдук, ааспыт үйэ 70-80-с сылларыгар Бүлүү эбэ бырамыысыланнай тэрилтэлэр үлэлиир суоналарыгар киирэрэ. Билиҥҥи кэмҥэ нэһилиэнньэлээх пууннар уонна бырамыысыланнас бөдөҥ эбийиэктэрэ салгыҥҥа, ууга (ол иһигэр, уу түгэҕэр сөҥүүнү эмиэ көрүллэр) уонна буорга хайдах дьайалларын кэтээн көрүү ыытыллар уонна экологияҕа охсуу оҥоһуллубатын курдук, ирдэниллэр  дьаһаллар уталыппакка ылыллаллар.

Ол көмөтүнэн, төһө эмэ сыл-хонук ааспытын кэннэ, Бүлүү эбэ бассейныгар экология туруга тубуста, халбаҥнаабакка, биир кэм  турар, өрөспүүбүлүкэ атын оройуоннарыттан улахан уратылаһыыта суох. Күн бүгүн тулалыыр эйгэҕэ дьиҥ охсуулаахтык дьайар, бу өттүгэр кыһалҕа баарын көрдөрөр чахчылар суохтар. Ону тэҥэ официальнай ыстатыыстыка сибидиэнньэлэрэ Бүлүү сүнньүн улуустарын олохтоохторугар өрөспүүбүлүкэ атын улуустар олохтоохторуттан ураты, атын ыарыылар баалларын көрдөрбөт. Ол да буоллар, туһааннаах сир экологиятын уонна олохтоохторун доруобуйатын кэлимник чинчийэн, үөрэтэн көрөр кэм кэллэ.

Саха сирэ экология өттүнэн этэҥҥэ  буоларын туһугар

Саха сирин нэһилиэнньэтин туруга чөл уонна олорор, үлэлиир сирин экологията ыраас, этэҥҥэ буоларын, тулалыыр айылҕа оннунан хааларын, алдьаммакка-кээһэммэккэ, кэнчээри ыччакка тиийэрин, ханна да суох Арктика уонна Хоту сир ураты экосистиэмэлээх чөл хаалалларын туһугар 2018 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр «Об экологическом благополучии Республики Саха (Якутия)» диэн Ыйаахха өрөспүүбүлүкэбит Аҕа баһылыга Айсен Николаев илии баттаабыта.

Онно олоҕуран 2024 сылга диэри Саха Өрөспүүбүлүкэтэ экология өттүнэн чөл буоларын туһугар, антропогеннай уонна техногеннай дьайыы улаатарыттан сиэттэрэн,  араас, сэрэхтээх, тулалыыр айылҕаҕа кутталы үөскэтиэн сөптөөх дьайыылары аҕыйатар, экология өттүнэн куттал суох буолуутун ситиһэр, Саха сирин нэһилиэнньэлээх пууннарын сиригэр-уотугар киһи куттаммакка, быр-бааччы олорорго табыгастаах усулуобуйаны тэрийии – биир тыын суолталаах сүрүн сорук буолар. Ити иһигэр ыраас, киһи иһэригэр сөптөөх уунан хааччыйыы, хомунаалынай кытаанах тобох буортута суох гына оҥоһуллар өлүүскэтин улаатыннарыы, тобох үөскээһинин аҕыйатыы,  биология баайын көдьүүстээхтик, буортуну оҥорбокко эрэ туһаныы, хоту уонна Арктика улуустарын ханна да суох ураты экэсистиэмэтин оннунан харыстаан илдьэ сылдьыы, үйэтитии, экология култууратын үрдэтии уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин гражданскай уопсастыбатын экология эппиэтинэһин үрдэтии  соруктара киирэллэр.

Бу Ыйаах көмөтүнэн, туһааннаах чинчийиилэри кэнэҕэһин салгыы ыытар, өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар геохимическай пуон дьиҥ дьайыыта хайдаҕын үөрэтэр, билэр уонна ону туоратыыга үлэлэһэн, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин доруобуйатын туругун кэлимник уонна дириҥник үөрэтэр кыах үөскүө. Маннык киэҥ хабааннаах чинчийэн көрүү араас улуустарга сир-дойду киртийиитин, ол киртийии араастаһыытын дьиҥ баарынан билии, ол ханнык ыарыыларга тиэрдэрин үөрэтэн, тэҥнээн көрүү, ол иһигэр Бүлүү бөлөх улуустарга барбыт чинчийиилэри кытта тэҥнии тутан, сөптөөх, объективнай түмүк ылылларыгар, олоҕу олоруу тупсарыгар көмөлөһүөхтээх.

Биир бастакынан ылыллар миэрэ быһыытынан өрөспүүбүлүкэ бары нэһилиэнньэлээх пууннарыгар хайаан даҕаны канализация-ыраастыыр тутуулар барыахтаахтар уонна иһэр ууну ыраастыыр тутуулар баар буолаллара хааччыллыахтаах. Кистэл буолбатах, Сэбиэскэй кэм саҕана туттуллубут носуостуур ыстаансыйалар, ыраастыыр тутуулар, уу мунньуллар резервуардара биллэ-көстө эргэрэн, хаарбахтыйан туттуллар туруктарыттан лаппа таҕыстылар.

Кэлиҥҥи сылларга үгүс нэһилиэнньэлээх пууннарга дьон промышленнай тэрилтэлэри утарсыытын төрүөтэ дьиҥэр итини кытта эмиэ быһаччы ситимнээх. Ити төрүөтү ончу аахсыбакка эрэ, сорох дьон быһымах түмүгү оҥорон, экологияны киртитэллэр диэн, аҥардастыы оҥорон таһаарааччылары эрэ буруйдааһына тахсыбыта.

Бүлүү сүнньүнээҕи улуустар экологияларын, олохтоохторун доруобуйатын туругун билим өттүттэн чинчийэр уонна дириҥник үөрэтэн көрөр соруктаах, бүтүн 2019-2023 сыллары хабан туран үлэлиир Бырагырааманы АЛРОСА хампаанньа күһэйиитэ суох, бэйэтэ көҥүл өттүнэн үбүлүүргэ быһаарбыта кэрэхсэбиллээх. Оттон уонна, хас сыл аайы алмаас хампаанньата тулалыыр эйгэ харыстабылыгар 6 млрд солк. тиийэ үбү көрөр. Ийэ айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһыыны өрө тутан, АЛРОСА кэнники 5 сылга парниковай гаас атмосфераҕа тахсыытын 55 % кыччаппыта атын тэрилтэлэргэ үтүө холобур буолуон сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар