Бэҕэһээ, кулун тутар 26 күнүгэр “СЫП-15” экспедиция кыттыылаахтара Мирнэйгэ “АЛРОСА” объектарыгар сырыттылар. Бу туһунан суруналыыс Александр Тарасов иһитиннэрдэ.
1957 с. Мирнэйгэ аан бастаан арыллыбыт “Мир” карьеры көрдүлэр. “СЫП-6” кыттыылааҕа, Удачнайдааҕы хайа байытар кэмбинээт (ХБК) 12-с фабрикатын электрослесара Аркадий Турантаев оҕолорго бастакы алмаас рудатын хостооһун историятын кэпсээтэ.
“Мир” сир аннынааҕы рудник административнай-бытовой комплексыгар сырыттылар. Онно историяны дириэктэри солбуйааччы Алексей Кузнецов билиһиннэрдэ.
Оҕолор салгыы Мирнэйдээҕи ХБК анал өрөмүөннүүр-тутар управлениетыгар тиийэн, сыах үлэтин кытта билистилэр. Производствоҕа начальнигы солбуйааччы Сергей Новицкай: “Манна саппаас чааһы оҥоробут. Оҕолорго көрдөрдүбүт. Олус сэргэхтэр. Улахан киһилии олус соһуччу ыйытыылары биэрэллэр. Сыах станоктара хайдах үлэлииллэриттэн саҕалаан, орто хамнаска тиийэ токкоолостулар. Кэпсэтииттэн бэйэм да астынным. Билигин слесарь, туокар идэлээх дьоҥҥо хампаанньа наадыйар. Маннык бырайыагы тэрийэн үлэлэтэргитигэр олус махтанабыт. Олохтоох дьон промышленноска кытталлара элбээтэ», — диэн санаатын тириэртэ.
Салгыы Ботуобуйатааҕы геолого-разведкалыыр экспедиция дьиэтигэр алмаас кимберлитын туруупката хайдах үөскээбит тутулун көрдүлэр. Оҕолор үлэлэрэ Мирнэйдээҕи “Интернациональнай” ХБК салҕанна. Сир аннынааҕы шахта үлэтин киинэҕэ көрдүлэр итиэннэ историко-производственнай музейга Мирнэйгэ алмааһы хостооһун чахчыларын, дьиктилэрин билистилэр.
Күн түмүктүүр көрсүһүүтүнэн “АЛРОСА” хампаанньа кадрдары бэлэмниир киин исписэлиистэрин кытта буолла. Атах тэпсэн олорон промышленноска үлэлиэн баҕалаахтар ханнык үөрэххэ киириэхтэрин сөбүн, ордук ханнык предмет туһалаах буолуоҕун, бастаан саҕалыыр исписэлиистэр туох кыһалҕаны көрсөллөрүн ыйыталастылар.
Уус Алдан улууһун Тумул нэһилиэгин 10 кылаас үөрэнээччитэ Спартак Васильев күннээҕи бэлиэтээһиннэрин маннык үллэстэр: “Олус көдьүүстээхтик ааста. “АЛРОСА” хампаанньа сүрүн объектарын көрдүбүт. Маннык баараҕай объектар баалларын, кырдьык, түһээн да, өйбөр да оҥорон көрбөт этим. Ону илэ харахпынан көрөн астынным. Миигин шахтаҕа киирии бэлэмнэниитэ уустуга сөхтөрдө. Быраабыла, быраап, эбээһинэс, эппиэтинэс бөҕө эбит. Мин ону боростуой баҕайы курдук саныырым».
“Бүгүн оҕолор Светлэйдээҕи ГЭС үлэтин кытта билсиэхтэрэ, итиэннэ олохтоох политехническэй техникум устудьуоннарын кытта көрсүһүү былааннанар«, — диэн экспедиция салайааччыта Надежда Самсонова күннээҕи соругу иһитиннэрдэ.
This post was published on 27.03.2016 09:44 09:44