Альпинистар "Азия оҕолоро" VIII оонньуулар былаахтарын Непалга Айленд-Пик оройугар таһаардылар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Альпинистар хамаандалара «Азия оҕолоро» VIII оонньуулар былаахтарын Непалга Айленд-Пик оройугар таһаардылар, ол туһунан оонньуулар кэмитиэттэрин телеграм-ханаала суруйда.

Альпинистар хамаандалара, ол иһигэр Виталий Струк, Дмитрий Москалёв, Александр Абрамов, Виктор Бобок уонна Игорь Лёдов, ыам ыйын 5 күнүгэр, төһө да күүстээх тыал түһэ турдаҕына, хайа оройугар таҕыстылар. Онон «Азия оҕолоро» VIII норуоттар ардыларынааҕы оонньуулар былаахтара 4800 миэтэрэ үрдүккэ таҕыста.

Экспедиция Непалга муус устар 21 күнүгэр стартаата. Виталий Струк «Азия оҕолорун» былааҕын илдьэ төрдүс экспедицията. Бастакыта — Эльбруска 2012 сыллаахха, 2016 сылга — Ираҥҥа Демавендҥа, 2022 сыллаахха — үс чыпчаалга Арарат (Турция), Казбек (Грузия), Эльбрус (Россия).

This post was published on 07.05.2024 14:01 14:01