Алмаастаах Аананы бүлүүлэр умнубаттар

Кырдьаҕас Бүлүү куоратыгар олорбут, үлэлээбит, доруобуйа харыстабылын бэтэрээнэ, оһуокайы-эһиэкэйи оройуттан туппут бастыҥ этээччи, кэрэ куоластаах ырыаһыт, хомусчут, тойуксут Федорова Анна Ивановна – Алмаастаах Аана төрөөбүтэ 70 сылынан Бүлүүлүү оһуокай түһүлгэтэ тэрилиннэ.


Алмаастаах Аана бииргэ төрөөбүттэрэ, өр сылларга оҕо балыыһатыгар бииргэ үлэлээбит дьүөгэлэрэ, ырыаҕа-тойукка, оһуокайга бииргэ алтыспыт дьоно-сэргэтэ кинини ахтан-санаан аастылар.

Алмаастаах Аана үтүө аатыгар төрүттэммит оһуокай түһүлгэтэ элбэх этээччилээх уонна батыһааччылаах буолла. Үйэтин тухары чөллөркөй куолаһынан оһуокайдыы сылдьар Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ Семен Иннокентьевич Иванов Чочуттан киирэн, оһуокайын этэн дьонун-сэргэтин үөртэ-көтүттэ. Кини Алмаастаах Аана аатыгар ыытыллыбыт оһуокай түһүлгэтин түмүгүнэн – «Аан Дархан этээччи», Светлана Калачикова «Далбар Хотун этээччи» ааттарын ыллылар.

Түһүлгэ элбэх кыттааччыта эмиэ анал ааттарынан бэлиэтэннилэр, оһуокайдаспыт дьоҥҥо туоһу суруктар туттарылыннылар. Кыайыылаахтарга уонна анал ааттары ылбыт оһуокайдьыттарга элбэх бириистэр ананнылар.

Оһуокай дьоро киэһэтин Тамара Степанова сатабыллаахтык салайан ыытта.

Ааптар Николай Федоров, Бүлүү улууһа, «Олох суола» хаһыат

This post was published on 25.10.2019 16:16 16:16