Аллараа Халыма улууһугар Госдуума депутаттарыгар куоластааһын иккис күнэ. Федеральнайдааҕы быыбары кытта сэргэ мунициапльнай талыылар буолаллар.
Аллараа Халыма олохтоохторо оройуоннарын Сэбиэтин депутаттарын талаллар. Черскэй бөһүөлэгэр баһылыктарын быыбардыыллар итиэннэ Сэбиэт депутаттарын Тавратовскайдааҕы уокуругун эбии быыбарыгар кытталлар.
Балаҕан ыйын 17, 18, 19 күннэригэр Олёринскай суктул баһылыгын уонна Походскай нэһилиэгин Сэбиэтин депутаттарын куоластыыллар.
Бэҕэһээ, быыбар бастакы күнүгэр, дьон быыбардыыр учаастакка кэлиитэ көхтөөҕө бэлиэтэммитэ, диэн эттэ «Колымская правда» хаһыат.
This post was published on 18.09.2021 15:27 15:27