Ааспыт сууккаҕа Аллараа Халымаҕа 66 гектар иэннээх сиргэ биир ойуур баһаарын умулларыдыла, Булуҥ уонна Уус- Майа оройуоннарыгар уопсайа 7 гектар иэннээх сиргэ икки баһаар уотун буллулар. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар барыта 12 ойуур баһаара умуруорулунна, ааспыт сыл баччаларга 3 мөл. 925,79 гектар иэннээх сиргэ 117 ойуур баһаар үлэлии турбута.
Билигин Уус-Майа уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар 64,851 гектар иэннээх сиргэ үс ойуур баһаарын умуруора сылдьаллар. Үлэҕэ 597 киһи уонна 8 тиэхиникэ туһанылынна. Ону таһынан, ааспыт сууккаҕа икки Ми-8 бөртөлүөттэр көппүттэрэ, алта салгын суудунала авиационнай патруллааһыны оҥорбуттара.
«Уус- Майа оройуонуттан ураты өрөспүүбүлүкэҕэ баһаартан куттал 3 кылаастан үрдүгэ суох. Росгидромет дааннайынан, Уус-Майа оройуонугар баһаарынай куттал үрдүк 4-5 кылаастаах. Онно муниципальнай таһымнаах ЧС режимэ үлэлиир», — диэн Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.
Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар баһаартан сэрэхтээх буолуу сезона саҕаланыаҕыттан уопсайа 536, 564 гектар иэннээх сиргэ 522 ойуур баһаара бэлиэтэннэ, былырыын 6 мөлүйүөн гектар иэннээх сиргэ 1474 ойуур баһаара бэлиэтэммитэ.