Аллараа Бэстээххэ Ми-8 бөртөлүөт көтүөҕэ

Өлүөнэҕэ гидрологическай балаһыанньа кытаатан, Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан «Хивус» сырыыта тохтоото.


Ыам ыйын 17 күнүттэн Маҕан аэропордуттан «Полярные авиалинии» АХ Ми-8 бөртөлүөттэрэ көтүөҕэ. Бастакы рейс бүгүн сарсыарда 11 чаастан көтөрө былааннанар. Тарыып 2000 солкуобай. Бастакы рейстэн ураты, атын рейстэр «Дьокуускай» пордуттан оҥоһуллуохтара. Бу туһунан СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Анараа кытылтан кэлээччилэргэ электроннай билиэт Аллараа Бэстээххэ (Ленин уул. 36/1) «Алаас» атыы-эргиэн киинигэр баар «Полярные авиалинии» АХ хаассатыгар атыыланыаҕа.

edersaas.ru

This post was published on 17.05.2017 10:38 10:38