6 Алтынньы 06.10
  • $ 94,87
  • 104,74

Аллараа Бэстээххэ Култуура киинэ сыл бүтүүтэ үлэҕэ киллэриллиэхтээх

10:32, 04 сентября
Хаартыска: Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Балаҕан ыйын 3 күнүгэр  Аллараа Бэстээххэ «Култуура» национальнай бырайыак чэрчитинэн Култуура киинин тутуутун хаамыытын Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, баһылыгы тутуу боппуруостарыгар солбуйааччы Василий Филиппов билистилэр, диэн Саха сирэ суруйар.

Эбийиэк үлэҕэ киириэхтээх болдьоҕо 2024 сыл ахсынньы ыйынан турар. Күн бүгүн ититии систиэмэтин тардыы үлэтэ саҕаламмыт, былаһааккаҕа 30 киһи үлэлии сылдьар.

Сергей Васильевич үлэ хаамыыта бытаанын бэлиэтээтэ, ыйыллыбыт болдьоҕу тутуһарга бэдэрээтчит «СТК» тэрилтэ эппиэтинэһи өйдөөн, үлэһитин ахсаанын элбэтэн тэтимин эбэрэ ирдэнэрин ыйда.

Өрөспүүбүлүкэҕэ биир баараҕай бырайыагынан буолар Култуура киинин тутуута федеральнай таһымҥа хонтуруолланар. Билигин, оттук кэмэ саҕаланыар диэри ититиини киллэрэн, ис үлэни кыайа тутан ахсынньыга үлэҕэ киллэрэргэ сыал-сорук турар.

Мэҥэ Хаҥалас дьаһалтатын пресс-сулууспата

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА