Бүгүн, сэтинньи 17 күнүгэр, Аллараа Бэстээххэ «Идэһэ — 2023» дьаарбаҥката ыытылынна диэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын телеграм-ханаала суруйар.
Манна Төҥүлү, Дьаҥхаады, Нөөрүктээйи, Тараҕай, Моорук, Бүтэйдээх нэһилиэктэриттэн сүүрбэттэн тахса биирдиилээн чааһынай дьон, хаһаайыстыбалар, кэпэрэтииптэр кэлэн сибиэһэй идэһэлэрин, муҥха балыгын, сир аһын, эти-үүтү дэлэччи тэниттилэр. Бүгүҥҥү сыананы көрдөххө, ынах арыыта киилэтэ 1000-1100 солкуобайга, ынах этэ киилэтэ 650-700 солкуобайга, убаһа этэ 700 солкуобайга тэннэспит.
Сарсын улуустааҕы «Идэһэ — 2023» Майа сэлиэнньэтин «Кыталык» уопсастыбаннай кииҥҥэ ыытыллыаҕа. Ытыктабыллаах улууспут олохтоохторун уонна ыалдьыттарын кыстыкка үктэммиппитин көрсө дьаарбаҥкаҕа кэлэн көхтөөхтүк кыттаргытыгар, атыылыыргытыгар, атыылаһаргытыгар ыҥырабыт!
Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
This post was published on 17.11.2023 17:06 17:06