Аллараа Бэстээх ыстаансыйатыттан Хабаровскайга тимир суолунан айанныахха сөп

Тохсунньу 30 күнүттэн Аллараа Бэстээх ыстаансыйатыттан Хабаровскайга поезд айаҥҥа турунуо. Вагон алта күҥҥэ биирдэ сылдьар буолуоҕа диэн, «Саха сирин тимир суоллара» пресс-сулууспата кэпсээтэ. 


Вагон тохсунньуттан муус устарга диэри айанын расписаниета таҕыста. Айанньыт элбэх буоллаҕына сырыы уһатыллан биэриэҕэ.

Аллараа Бэстээхтэн араҕар: тохсунньу 30 күнэ, олунньуга 5, 11, 17, 23, 29 күннэр, кулун тутарга 6, 12, 18, 24, 30 күннэрэ, муус устарга 5, 11, 17, 23, 29 күннэр. Хабаровскайтан: олунньуга 2, 8, 14, 20, 26 күннэр, кулун тутарга 3, 9, 15, 21, 27 күннэр, муус устарга 2, 8, 14, 20, 26 чыыһылалар.

Сиһилии https://ysia.ru/so-stantsii-nizhnij-bestyah-nachnet-kursirovat-besperesadochnyj-pritsepnoj-vagon-do-habarovska/ ааҕыҥ.

This post was published on 21.01.2020 15:37 15:37