Аллараа Бэстээх — Владивосток хайысханан поезд айанныаҕа

«Россия тимир суоллара» ААуо делегацията Аллараа Бэстээхтээҕи  ыстаансыйа эбийиэктэрин көрдө. Тэрээһин сотору кэминэн Аллараа Бэстээх — Владивосток хайысханан поезд айаныгар ананна.


«РТС» делегациятыгар үлэлии турар эбийиэктэри сэргэ вагоннай депо саҥа тутулла турар дьиэтин көрдөрдүлэр. Аллараа Бэстээх — Тында хайысханан айанныыр пассажирдар вагоннарын үлэтин билиһиннэрдилэр. 

СӨ тырааныспарга миниистирэ Владимир Сивцевы кытта көрсөн мунньахтаатылар.

Аллараа Бэстээх — Владивосток хайысханан тимир суолунан айан боппуруостарын, этиилэри кулун тутар ыйга быһаарарга этилиннэ.

Быһа барыллаан эттэххэ, Аллраа Бэстээхтэн Владивостокка диэри айан 2,5 суукка буолуон сөп. Бырайыас купеҕа — 7000-тан, оттон плацкартка – 4,5 тыһ солк саҕаланыаҕа. 

This post was published on 26.02.2021 18:01 18:01