Мэҥэ Хаҥалас улууһун киинин олохтооҕо Петр Гурьев ыраас уу дьыалатыгар ылсан, иһэргэ анаан фильтрдыыр сыаҕы аһан үлэлэтэн эрэр. Ахсынньы 14 күнүгэр эбийиэк сэмэй аһыллыытыгар улуус баһылыга Николай Старостин уонна бөһүөлэк муниципалитетын баһылыга Юрий Колмаков кытыннылар.
Нэһилиэнньэҕэ ыраас иһэр ууну бэлэмнииргэ ылсыбыт предприниматель Петр Гурьев тэриллэрин Дьокуускайтан «Сахафильтр» хампаанньаттан атыыласпыт.
‒ Ый анараата 480 тыһыынча солкуобайга ылбытым. Билигин соҕотоҕун үлэлиибин. Үлэһиттэниэҕим диэн былааннанабын. Сыахха чааска 4 лиитэрэ уу ыраастанан бэлэм буолар. Лиитэрэтин сыанатын 5-тии солкуобай. Уу таһар массыыналар Мааччыйаттан аҕаланнар 2 кубометрдаах баахха куталлар, — диэн кэпсиир кини.
Салгыы, дьыалата атаҕар туран истэҕинэ, уутун таһыы өҥөтүн оҥорор санаалаах. Урбааҥҥа Петр саҥа ылсар киһи буолбатах. Идэтинэн тутааччы буолан, үс сыллааҕыта тутуу эйгэтигэр урбаанньыттыы сылдьыбыт. Онтон эргиэҥҥэ сылдьыбыт.
Ыраас ууну кутуунан дьарыктанар санааҕа эмчит идэлээх кэргэнэ уонна оҕото аҕалбыттар. Санитария бары ирдэбиллэригэр эппиэттиир иһэр уунан хааччыйыы улуус киинигэр тэнийиэхтээх диэн санаанан салайтарар Петр Гурьев Мааччыйа эбэ дьэҥкиринэн, туһалаах минералларынан аатырар уутун өссө ыраас, минньигэс оҥорон атыыга таһаарда.
This post was published on 16.12.2020 14:01 14:01