Аллара Бэстээххэ икки түөртүү кыбартыыралаах олорор дьиэ үлэҕэ киирдэ. Манна Мэҥэ Хаҥалас оройуонун сокуоннай саастарын туолбут аҕыс тулаайах оҕото олохсуйуоҕа. Кинилэргэ күлүүһү Ил Дархан Айсен Николаев уонна РФ генпрокурорун солбуйааччыта Дмитрий Демешин туттардылар.
«Биир кыбартыыра хаһаайына буолбут Антон Захаров бу күнү күүппүтүн эттэ. Бары дойду президиэнигэр Владимир Владимирович Путиҥҥа махталларын тиэрдэллэр. Бу тулаайах, төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору дьиэнэн хааччыйар бырагыраама чуолаан кини сорудаҕынан үлэлиир. Бу үлэ салҕанан барыаҕа», — диэн телеграм-ханаалыгар Айсен Николаев суруйда.
Дмитрий Демешин бэлиэтээбитинэн, тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыллар бырааптарын боппуруоустарын толоруу борокуратуура оһуобай хонтуруолугар тутуллар. Ааспыт сылга Саха сиригэр борокуруордар олохтоох былааһы кытта үлэлэринэн, 420 тулаайах оҕо дьиэлэммитэ, 160 киһи дьиэ сертификатын ылбыта.
This post was published on 02.02.2024 09:33 09:33