Аллайыаха оройуонугар мотуордаах оҥочо эргийэн эр киһи суорума суолланна

Аллайыаха оройуонугар Индигиир өрүскэ  мотуордаах оҥочо эргийдэ. Ол туһунан балаҕан ыйын 20 күнүгэр Саха сирин прокуратурата ааспыт сууккаҕа буолбут быһылааннар сводкаларыгар иһитиннэрдэ.

Суудунаҕа олорбут 1997 с. төрүөх эр киһи суорума суолламмыт. Эр киһи өлүгүн ууттан орообуттар. Быһылаан Чокурдаах нэһилиэгиттэн 5 км тэйиччи сиргэ буолбут.

Санатан эттэххэ, балаҕан ыйын 15 күнүгэр Үөһээ Бүлүү оройуонун Балаҕаннаах нэһилиэгиттэн 8 км тэйиччи сытар сиргэ биэс киһилээх мотуордаах оҥочо тимирбитэ.

This post was published on 20.09.2023 11:11 11:11