Бу сарсыарда тыҥ хатыыта туран СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин Аллайыаха улууһунааҕы инспекциятын үлэһиттэрэ бураннарыгар олорон, Илин Сибиир муоратын диэки айаннаатылар. Кинилэр үгэс курдук быйыл эмиэ Россия WWF фондатын “Медвежий патруль” бырайыагар кытталлар.
Бу үлэни тустаах министиэристибэ Биологическай ресурсаларга уонна ураты харыстанар сирдэргэ дирекциялара сүрүннүүр.
«Кулун тутар-муус устар ыйдарга үрүҥ эһэлэр саҥа төрөөбүт оҕолорун кытта арҕахтарыттан тахсаллар. Ол кэмҥэ таба түбэстэхпитинэ Кыһыл кинигэҕэ киирбит үрүҥ эһэлэр ахсааннарын ааҕыахпыт, суоллуохпут, быһата, кэтээн көрүүнү ыытабыт уонна браконьердар дьайыыларыттан көмүскүүбүт», — диэн иниспиэктэрдэр СИА-ҕа кэпсээтилэр.
Муораҕа айан ыраах, сындалҕаннаах. Ону ол диэбэккэ, инспекция начаалынньыга Татьяна Стрюкова салалтатынан иниспиэктэрдэр Иван Рожин, Валерий Слепцов сыарҕаларыгар астарын-үөллэрин, малларын ындыылаан айаҥҥа туруннулар. Патрулга сылдьар кэмнэригэр кинилэр булчуттар болуоктарыгар хонуохтара.