«Алеша» тааҥка экипаһын туһунан патриотическай ырыаны саам тылыгар тылбаастаатылар. Ол туһунан ТАСС-ка төрүт тылларга федеральнайдааҕы институт Саха сиринээҕи филиалын дириэктэрин э.т. Наталья Ситникова эттэ.
«Тылбас ааптара Домна Максимовна Хрюк — тылы илдьэ сылдьааччы, тылбаасчыт, луввьт норуот ырыаларын толорооччу. Кини бэйэтэ эмиэ патриотическай ырыалары айар. Россия норуоттарын тылларыгар ырыа иһиллэрэ Россия норуоттарын сомоҕолуур күүстээх, дьон өй-санаа өттүнэн сайдыытыгар кыаҕы биэрэр», — диэтэ Ситникова.
Кини эппитинэн, ырыа саам тылын үөрэтэр кинигэтигэр киллэриллиэҕэ.
This post was published on 01.08.2024 12:28 12:28