Ил Түмэн дьиэ кэргэн, оҕо аймах дьыалаларыгар бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа “Крепкая семья” бырайыагын сүрүннээччи Алена Атласова бэрэсидьиэн Владимир Путин уонна Ил Дархан Айсен Николаев көрсүһүүлэрин туһунан санаатын үллэһиннэ диэн СИА суруйар.
— Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэни салайа кэлиэҕиттэн, социальнай сайдыыга болҕомтотун уурбута, дьиэ кэргэн, ийэ буолуу, оҕо аймах институтун өйөөбүтэ. Онон хас да сыллаах үлэ түмүгэ билигин көстөр, ол иһигэр, Саха сиригэр төрөөһүн көрдөрүүтэ Уһук Илиҥҥэ саамай үрдүк. Киһи олоҕун уһуна өр кэмҥэ биир таһымҥа турбута, кэнники сылларга орто көрдөрүү 70 сааһы куоһаран, Арассыыйатааҕы таһымҥа тэҥнэстэ.
Ону тэҥэ, өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр ахсааннара элбээн иһэр. Кэнники икки сылга кинилэр ахсааннара 2 тыһыынчанан эбиллэн, 34 230-ка тэҥнэстэ.
Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай көмө эбии миэрэлэрэ ылыллыбыттара, ол иһигэр: “100 сыл оҕолоро” хапытаал, оҕону иитэр ыалларга төлөбүр икки төгүл үрдээһинэ, 8-16 саастаах оҕолорго ыйдааҕы төлөбүр, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ култуура, спорт тэрилтэлэригэр чэпчэтиилэр, о.д.а. Кэмитиэт кэнники 5 сыллаах үлэтигэр 50 сокуоҥҥа саҥа көҕүлээһиннэрэ ылыллыбыттара, — диэн дьокутаат бэлиэтээтэ.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Источник: «Саха сирэ» сайт
This post was published on 31.05.2023 15:33 15:33