Алексей Стручков: Сүрүн экономическай көрдөрүүлэр инникитин да үрдүү туруохтара

2016 сыл бастакы аҥаарыгар өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар туох ситиһиллибитин бырабыыталыстыба ырытта. Ону таһынан баар кыһалҕаларга ураты улахан болҕомтону уурдулар. Ити туһунан СИА-ҕа бастакы вице-премьер Алексей Стручков эттэ.


«Регион ис валовай бородууктата, промышленнай оҥорон таһаарыы индексэ, сүрүн хапытаалга инвестиция кэриҥэ үрдээтилэр. Былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, Саха сиригэр үлэлиир тэрилтэлэр үпкэ-харчыга ситиһиилэрэ иккиттэн тахса бүк улаатта», — диэтэ Алексей Стручков.

Маныаха олоҕуран экономическай көрдөрүү өрө тахсыыта инникитин да баар буолуон сөбүн кини этэр. Бырабыыталыстыба бэрэстэбиитэллэрэ нэһилиэнньэ дьиҥнээх дохуота кыччаабытын чиҥэтэн эттилэр. «Инфляция таһыма үрдээһиниттэн дохуот кыччааһына быһаччы тутулуктаах. Ол да буоллар, бырабыыталыстыба Саха сирин социальнай-экономическай сайдыытын хааччыйар уурааҕы бигэргэттэ», — диир бастакы вице-премьер.

Сорох салааларга оҥорон таһаарыы көрдөрүүтэ намтаабыт. «Ити алмааһы, көмүһү хостооһуҥҥа сыһыаннаах. Оҥорор промышленность көрдөрүүтэ намтыы турар. Чуолаан маныаха бырабыыталыстыба болҕомтотун уурда. Быһыы-майгы бигэтийэригэр тустаах миэрэлэр ылыллыахтара», —диэтэ Стручков.

This post was published on 29.07.2016 11:10 11:10