Үһүс сылын Дыгын оонньууларын кылаабынай спонсорынан ООО «Прогресс» тутуу хампаанньата буолар. Хампаанньа салайааччыта Алексей Пинигин бэлиэтээбитинэн, маннык спортивнай тэрээһиннэр ыччакка национальнай култуураны, физическэй уонна духуобунай иитиини тиэрдэргэ көмөлөһөр, диэн СИА иһитиннэрэр.
«Үс сыл анараа өттүгэр мэрия физическэй култуураҕа уонна спорка салалтата Дыгын оонньууларга ыытарга спонсорскай көмөнү оҥорорго көрдөспүтэ. Биһиги бары коллективпытын кытары сүбэлэһэн баран мөлүйүөн солкуобайдаах оонньуу сүрүн бирииһин туруордубуппут. Уопсайынан, маннык спортивнай тэрээһиннэри ыытыы ыччаты биһиги национальнай култуурабытыгар, физическэй уонна духуобунай эйгэбитигэр сыһыарарга иитиигэ көмөлөһөр», — диэтэ Алексей Пинигин.
Быйыл Дыгын оонньууларын саҥа кыайыылааҕа бэс ыйын 25-26 күннэригэр Туймаада ыһыаҕар биллиэҕэ. Өрөспүүбүлүкэ улахан тэрээһинэ Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар уонна Дьокуускай төрүттэммитэ 390 сылыгар ананыаҕа.
Дыгын оонньууларыгар сүүмэрдиир түһүмэҕи ааспыт, Саха сирин чемпионатыгар путевкааны ситиспит өрөспүүбүлүкэ бастыҥ бөҕөстөрө тахсыахтара. Престижнэй турнирга Алексей Уваровскай (Кэбээйи улууһа), Айсен Ботуев (иккиэн Үөһээ Бүлүү улууһа), Вячеслав Дьяконов (Нам улууһа), Николай Матананов (Таатта улууһа), Дьулустан Ноговицын (Горнай улууһа), Артем Варданян (Нам улууһа),Тимофей Большаков (Сунтаар улууһа), Петр Прудецкай (Дьааҥы улууһа), Николай Обоев (Ньурба улууһа), Давыд Колесов (Мэҥэ Хаҥалас улууһа) киирсиэхтэрэ.