Судаарыстыбаннай хааччыйыы кэмитиэтин дааннайынан, навигация саҕаланыаҕыттан Саха сирин улахан ууларыгар 319,7 тыһ туонна таһаҕас тиэлиннэ, ол иһигэр 224,5 тн — олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар, СИА суруйар.
«Аммаҕа соругу толороллор, Дьааҥыга тиэйии-таһыы кэмигэр саҕаланна. Билигин Бүлүүнү көрүөххэ наада», — Саха сирин бастакы вице-премьера Алексей Колодезников видео-конференцсибээһинэн мунньахха эттэ.
Кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Местников эппитинэн, навигация саҕаланыаҕыттан 319,7 тыһ туонна араас таһаҕас тиэлиннэ, ол иһигэр олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар — 224,5 туонна. Бүлүү эбэнэн 15,5 тыһ туонна чох, ол эбэтэр былаан 34% туолла.
Мунньахха этиллибитинэн, өрүстэргэ уу түһэр. Бүлүү өрүскэ Бүлүүтээҕи водохранилище уутун кутар, үлэ бэс ыйын 23 диэри салҕаныаҕа.
Алексей Колодезников уу суолунан тиэйии-таһыы үлэтин күүһүрдэри, дуогабардар туолууларын хонтуруоллууру эттэ.
«Навигацияны харгыһа суох саҕалаабыппыт курдук үлэни салгыы ыытыахха наада », — диэтэ кини.
This post was published on 05.06.2020 14:02 14:02