Ыам ыйын 5 күнүгэр, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин маҥнайгы солбуйааччыта Алексей Колодезников Чайыҥдатааҕы ньиэптээх, гаастаах сиргэ коронавирус ыарыыны тарҕаппат туһунан мунньаҕы видеоконференция нөҥүө ыытта. edersaas.ru суруйар.
Вице-премьер Алексей Колодезников баахта үлэһиттэрин Чайыҥдаттан таһаарыы үлэтэ бара турарын туһунан биллэрдэ: — Эмтиир тэрилтэлэргэ 168 киһи, ол иһигэр Дьокуускайга – 20, Ленскэйгэ – 44, Мирнэйгэ – 1, Ноябрьскай куоракка – 54, Омскайга – 49 аҕалылынна. Ону таһынан 600 киһини Башкирияҕа Уфа уонна Магнитогорскай куораттар нөҥүө тиэйилиннилэр. Омскайга – 53 уонна Волгоградка — 97 киһи. Ити курдук Чайыҥдатааҕы ньиэптээх, гаастаах сиртэн биһиги 917 киһини таһаардыбыт, — диэн эттэ.
Бу сыыппаралары учуоттаан туран, Чайыҥдаҕа хас үлэһит хаалбытын чуолкайдыыр үлэ ыытар туһунан сорук биэрдэ. Алексей Колодезников иһитиннэриитинэн, ыам ыйын 1-3 күннэригэр РФ ЫБММ Чайыҥдатааҕы ньиэп хостуур сиргэ бэйэтин мобильнай госпиталын туруорбут, ону таһынан онно 125 миэстэлээх быстах кэмҥэ сытыарар эмтиир пуун үлэҕэ киирдэ. Өрөспүүбүлүкэ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ бу мобильнай госпиталы Ленскэйдээҕи киин балыыһатыгар бигэргэппит.
— “Якутия” авиахампаанньа «Стройтранснефтегаз» хампаанньаны кытта хантараак түһэристэ. Онон билигин биһигини туох даҕаны хааччахтаабат, үлэлээн эрэ иһиэхпитин наада. Биһиги түргэнник Роспотребнадзорга көтөр дьон испииһэктэрин бэлэмнээн биэрэн иһиэхтээхпит, кинилэр бигэргэтиини суукка иһигэр оҥороллор. Оҥоһуллубут график быһыытынан ыам ыйын 10 күнүгэр диэри быһа холоон 3000 киһини таһаарыахтаахпыт, — диэн мунньах кыттыылаахтарыгар туһаайан эттэ.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин маҥнайгы солбуйааччыта этэринэн, Таалакан аэропорда көтөөччүлэри көрүү бэрээдэгин былаанын оҥорон биэрбит, оннук былаан Мирнэй аэропордугар оҥоһуллуохтааҕа күүтүллэр.