Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан уонна тус бэйэм Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Былырыын Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыныллыбыта 30 сылын бэлиэтээбиппит. Бу, Россия Федерациятын састаабыгар хотугу кыраайбыт сайдыы саҥа кэмин түстээбит, историческай докумуону Саха АССР ХII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтэ 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр ылыммыта. Саха сирэ 1922 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр автономнай өрөспүүбүлүкэ аатын сүкпүтэ. Онон кэлэр 2022 сылга Саха АССР төрүттэммитэ үбүлүөйдээх 100 сылын бэлиэтиэхпит.
Бу уһулуччу суолталаах икки бэлиэ даата судаарыстыбаннаспыт үөскээһинин уонна бөҕөргөөһүнүн туоһулууллар, РСФСР састаабыгар автономнай өрөспүүбүлүкэ төрүттэниитин, биир сомоҕо Российскай Федерация састаабыгар толору бырааптаах субъект быһыытынан бигэтик сайдыыбытын кытта быстыспат ситимнээхтэр.
Биһиги сарсыҥҥыга эрэллээхтик хардыылыыбыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ киһи үйэтэ уһуур, тупсаҕай олорор дьиэлэр дьэндэйэллэр, суоллар тыргыллаллар, өрүһү туоруур муосталар уонна араас социальнай хайысхалаах саҥа эбийиэктэр тутуллаллар, бырамыысыланнас уонна тыа хаһаайыстыбата сайдар, олох-дьаһах тупсар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьон дьокутааттара судаарыстыбаннас сайдыытыгар уонна федеративнай сыһыаннаһыыларбыт бөҕөргүүллэригэр бэйэлэрин тус кылааттарын киллэрэрэллэр. Былаас бары таһымын, гражданскай уопсастыбаны кытта тэҥҥэ, бииргэ үлэлэһэн, биһиги төрөөбүт Сахабыт сиригэр, Улуу Россияҕа уйгулаах олоҕу туругурдуохпут диэн эрэнэбин.
Күндү биир дойдулаахтарым! Эһиэхэ уонна эһиги чугас дьоҥҥутугар чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, сырдык-ыраас тапталы, дьолу-соргуну уонна ситиһиини баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ А.И. Еремеев
This post was published on 27.09.2021 11:01 11:01