Эһигини үүнэн эрэр Саҥа 2026 сылынан уонна Ороһуоспанан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан эҕэрдэлиибин!
Ааһан эрэр 2025 сыл, Аҕа дойдуну көмүскээччи уонна Улуу Кыайыы 80 сыла, бэлиитичэскэй уонна уопсастыбаннай олоххо үгүс уларыйыылардаах, бэлиэ түгэннэрдээх буолла: өрөспүүбүлүкэ Төрүт сокуонугар уларыйыылар киирдилэр, олохтоох салайыныы туһунан эрэгийиэннээҕи сокуон ылылынна, оҕолоох дьиэ кэргэни, аҕа көлүөнэни, байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин, кыттыылаахтарын өйөөһүҥҥэ саҥа дьаһаллар бигэргэннилэр. Уустук экэнэмиичэскэй усулуобуйаҕа социальнай хайысхалаах өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтэ ылылынна. Бэлиэ суолталаах түгэнинэн эрэгийиэн муниципальнай тэриллиилэрин талыллар уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ буолла. Онно олохтоох салайыныы тиһигин салгыы сайыннарыыга дьоһун суолталаах быһаарыылар ылылыннылар.
Үүнэр 2026 сыл Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһууларын сыла уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура сылынан биллэрилиннэ. Билиҥҥи кэмҥэ дойдубут норуоттарын икки ардыларыгар иллээх-эйэлээх, харыстабыллаах, ытыктабыллаах сыһыаны бөҕөргөтүү, норуот духуобунай баайын, үгэс буолбут сыаннастары уонна култууралары, тылларын уратытын өйөөһүн уонна харыстааһын хаһааҥҥытааҕар даҕаны ордук суолталанна. 2026 сылга хардарыта өйдөһүү, өйөһүү үүнүүгэ, сайдыыга тирэх буолан, кэскиллээх олоххо төһүү уонна ылыммыт санааны олоххо киллэриигэ, сыалы-соругу ситиһиигэ күүс-көмө буоларыгар эрэнэбин.
Саҥа дьыл — бу, бастатан туран, дьиэ кэргэн түмсэн истиҥ-иһирэх эйгэҕэ бэлиэтиир бырааһынньыга, чугас дьоҥҥун кытта үөрэ-көтө алтыһар, саҥа саҕалааһыннарга кэскиллээх санааны саҕар бэлиэ түгэн. Дьиэ кэргэҥҥэ или-эйэни, өйдөһүүнү, бөҕө туругу, чиргэл доруобуйаны, үлэҕэ үрдүк ситиһиини, сайдыыга кынаттыыр саҥа арыйыылары, үтүөнү баҕарабын.
Үүнэн эрэр Саҥа 2026 сылынан уонна Ороһуоспанан!
Алексей Еремеев,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ.
This post was published on 31.12.2025 12:03 12:03