«Арктическая стартап-экспедиция: Дальний Восток и Арктика России» (АСЭ ДАР) норуоттар ардыларынааҕы таһымнаах тэрийиигэ тахсыан сөп. Ол туһунан РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга миниистирэ Алексей Чекунков Дьокуускайга буола турар «Цифровой Алмаз» форумҥа эттэ, суруйар СИА.
Форумҥа «Арктика стартап-экспедициятын» биир түһүмэҕин түмүгүн кэпсэттилэр, манна Россия регионнарыттан креативнай индустрия бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Куонкуруска бэйэлэрин бырайыактарын эдэр дьон көрдөрдө.
«Бырайыак сайдарыгар эрэллээхпин, бүгүн мин этии киллэрдим, өйүөхтэрэ дии саныыбын, бу бырайыак норуоттар ардыларынааҕы таһымҥа тахсарыгар баҕарабын. Билигин биһиги Россия көрүүтүн тэҥҥэ үллэстэр дойдулары кытта үлэлэһэбит, кинилэр маннык киэбинэн үлэлиири сэргиэхтэрэ дии саныыбын. Стартап-экспедиция элбэх эдэр дьону бэйэтигэр интэриэһиргэтэригэр эрэллээхпин, Уһук Илиҥҥэ, Россияҕа уонна аан дойдуга», — диэтэ Алексей Чекунков суруналыыстарга.
This post was published on 24.11.2023 14:28 14:28