Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан Улуу Кыайыы 71 сылын туолар өрөгөйдөөх күнүнэн эҕэрдэтин тириэрдэр.
Ытыктабыллаах Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара, тыыл бэтэрээннэрэ!
Күндү Саха сирин олохтоохторо!
Ыам ыйын 9 күнэ биһиги дойдубут хас биирдии олохтооҕор дириҥ өйдөбүллээх. Бу күн биһиги сэрии толоонугар кыргыспыт хорсун сэрииһиттэр, тыылга килбиэннээхтик үлэлээбит аҕа көлүөнэ дьон үтүө ааттарыгар сүгүрүйэбит. Кинилэр Ийэ дойдубутун эрдээхтик көмүскээбиттэрэ, Кыайыы өрөгөйүн бэйэлэрин эрэ дойдуларыгар буолбакка, бүтүн аан дойдуга аҕалбыттара.
Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар тыынын билбэтэх ыал биһиэхэ суох. Саха сирин олохтоохторо, оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ, Кыайыы туһугар күүрээннээх үлэҕэ туруммуттара. Уоттаах кыргыһыыларга, фронт бары хайысхатыгар уонна милитаристскай Япония сэриитигэр 60 тыһыынчаттан тахса биир дойдулаахпыт кыттыбыта. Кинилэртэн 40 тыһыынча кэриҥэ киһи сэрии хонуутугар букатыннаахтык хаалбыта…
Бүтүн аан дойду историятын хаамыытын уларыппыт, киһи аймах дьылҕатыгар бүтүннүү дьайбыт Улуу Кыайыы суолтата намтаабат, дьон өйүгэр-санаатыгар ытык өйдөбүл буолан ычаттан ыччакка бэриллэн иһэр.
Улуу Кыайыы күнүн көрсө тэриллибит хотугу экспедиция 1056 кв. метр иэннээх Кыайыы Улахан Знамятын Хотугу полюска тириэртэ.
Биһиги норуоппут 1941-1945 сс. Улуу сэриигэ кыайыытын бэлиэтиир бу урукку өттүгэр хаһан да оҥоһуллубатах Кыайыы Улахан Знамятын кытта кэккэлэһэ Хотугу полюска Советскай Союз уонна Россия Федерациятын бары субъектарыттан соҕотох Саха сирин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕа тэнитилиннэ, хотугу Барнео уста сылдьар станцияҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин гимнэ толорулунна. Бу дьаһал Саха Өрөспүүбүлүкэтин туруорсуутунан, Улуу Кыайыыны уһансыыга биир ордук улахан сүтүктэммит Саха сиригэр, саха норуотугар ытыктабыл бэлиэтигэр оҥоһулунна.
Күндү Саха сирин дьоно! Эһиэхэ барыгытыгар чөл туругу, нус-бааччы уһун олоҕу, ыраас халлааны, эйэни, этэҥҥэ буолууну баҕарабын!
This post was published on 09.05.2016 10:09 10:09