Александр Жирков: «Уһук Илиҥҥи гектар» туһунан сокуон түһүмэхтэринэн кииритиин салгыы Федерация Сэбиэтигэр туруорсуохпут”

Госдума сир сыһыаннаһыыларыгар уонна тутууга сис кэмитиэтин муус устар 6 күнүгэр буолбут мунньаҕар Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ «Уһук Илиҥҥи гектар» туһунан сокуон түһүмэхтэринэн киириитин хаттаан туруорустулар. Биллэрин курдук бу иннинэ этиини туһааннаах кэмитиэт ылымматаҕа.


Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков өрөспүүбүлүкэ туруорсуутун дьүүллэһиигэ хаттаан туруорда. Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка киирсэр РФ субъектарын нэһилиэнньэтэ сир учаастагын судургутуллубут бэрээдэгинэн урут ылар бырааптаныахтаахтар. Ол иһин сокуон күүһүгэр киириитин түһүмэхтэринэн ыытар наада. Бастаан утаа сокуон механизма биирдиилээн муниципальнай тэриллиилэргэ пилотнай бырайыак быһыытынан киириэхтээх. Салгыы субъект олохтоохторугар тарҕаныахтаах. Ол эрэ кэнниттэн, үһүс түһүмэххэ, 2018 сылтан уокурук атын субъектарын олохтоохторо учаастак ылар кыахтаныахтаахтар.

СӨ баай-дуол уонна сир сыһаннаһыыларыгар миниистирэ Евгения Григорьева маннык түһүмэхтээн киллэрии федеральнай сокуон төһө сөптөөҕүн, сыыһалааҕын чопчулаан көрдөрүө уонна олоххо киириитин кэмигэр тупсаран биэриэ диэн бэлиэтиир.

Александр Жирков этиитин сенатор Александр Акимов уонна депутат Иван Шамаев өйөөтүлэр. Бу боппуруоска Госдума туһааннаах кэмитиэтин чилиэннэрин санаалара араастаста, ол эрээри үгүстэрэ РФ Бырабыыталыстыбатын тутуһар санаатын өйөөннөр, Саха сирин көннөрүүтүн ылымматылар.

«Сокуон итинник ыксалынан ылыллыыта оруна суох, олохтоох нэһилиэнньэ ортотугар долгуйууну үөскэтэр. РФ Бырабыытылыстыбатын бэрэстэбиитэлэ уонна Госдума сорох депутаттара маннык дьэҥкэ балаһыанньаны өйдүүртэн аккаастаналлар» , — диэтэ Саха сирин парламенын спикерэ.

Александр Жирков бэлиэтээн эппитинэн, өрөспүүбүлүкэ туһааннаах федеральнай сокуон олоххо түһүмэхтэринэн киириитин салгыы Федерация Сэбиэтин таһымыгар Саха сирин сенатордара Александр Акимов уонна Вячеслав Штыров өйөбүллэринэн туруулаһыа.

This post was published on 08.04.2016 17:26 17:26