22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Александр Жирков Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук спикердэрин рейтиннэрин үрдүкү кэрдииһигэр таҕыста

14:00, 01 сентября 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

“Медиалогия” компания Россия Федерациятын субъектарын сокуону оҥорор уорганнарын баһылыктарын 2017 сыл от ыйынааҕы медиарейтиннэрин бэлэмнээн таһаарда. Рейтинг түмүгүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ тахсыытын көрдөрөр медиаиндексэ 2408,0 пууҥҥа тэҥнэһэн, саха парламенын спикерэ Россия Федерациятын субъектарын сокуон оҥорор уорганнарын баһылыктарын уопсай испииһэгэр уон иккис миэстэҕэ таҕыста, оттон Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук сокуону оҥорор мунньахтарын бэрэссэдээтэллэрин истэригэр бастаата.


Бу улахан таһымнаах федеральнай медиарейтинг үрдүкү кэрдииһигэр тахсыы – Александр Жирков салайааччылаах бэһис ыҥырыылаах Ил Түмэн регионнааҕы уонна федеральнай таһымҥа ситимнээх уонна дьаныардаах үлэтин түмүгэ.

2017 сыл бастакы аҥаарыгар өрөспүүбүлүкэ парламена 4 пленарнай мунньаҕы уонна 1 парламент Сэбиэтин киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕын ыытта. Онуоха 256 нормативнай правовой аакта ылынныллыбытыттан 93-һэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуона, олортон 43-һэ тирэх буолар сокуон, итиэннэ 163 Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин уурааҕа буолар.

2017 сыл сааскы сессиятыгар Ил Түмэн 34 федеральнай сокуон барылын көрбүтэ уонна өйөөбүтэ, Россия Федерациятын субъектарын сокуону оҥорор уорганнарын 20 сокуону оҥорууга көҕүлээһиннэрин уонна туһаайан этиилэрин өйөөбүтэ. Итини тэҥэ, отчуоттуур кэм иһигэр Ил Түмэн Россия Федерациятын Федеральнай Мунньаҕын Судаарыстыбаннай Думатыгар 2 федеральнай сокуон барылын көҕүлээбитэ уонна 1 туһаайан этиини судаарыстыбаннай былаас федеральнай уорганнарыгар киллэрбитэ.
2017 сыл от ыйын 6-8 күннэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ЮНЕСКО Генеральнай дириэктэрэ Ирина Бокова кыттыылаах «Аан дойду эпостара Олоҥхо дойдутугар» иккис аан дойдутааҕы эпическэй форум ыытыллыбыта. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ, Олоҥхо иккис уон сылын бэлэмнээһиҥҥэ уонна ыытыыга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, «Аан дойду норуоттарын эпостара» Аан дойдутааҕы ассоциация вице-президенэ Александр Жирков форум кыттыылаахтарын болҕомтолорун билиҥҥи киэҥ хабыылаах сайдыы, уларыйыы-тэлэрийии үйэтигэр аан дойду норуоттарын эпическэй баайдарыгар харыстааһын уонна сайыннарыы боппуруоһун быһаарар туһунан уопсай проблемаҕа тардыбыта.

Бу сыл от ыйыгар Ил Түмэн Сербия Өрөспүүбүлүкэтин Народнай Скупщинатын дьокутаатын Драгомир Каричы кытта көрсүбүтэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Япония Бэрэстэбиитэллэрин Палаататын дьокутааттарын: Япония Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр көмөлөһүүгэ Кэмитиэтин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин Хории Манабуну уонна Япония Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр көмөлөһүүгэ Кэмитиэтин сүбэһитэ Аояма Сюхейы кытта көрсүһүүтүгэр кыттыыны ылбыта.

От ыйын 17 күнүгэр Александр Жирков «Биир ньыгыл Россия» Бүтүн Россиятааҕы политическай партия парламеннааҕы фракциятын салайааччытын, Россия Федерациятын Судаарыстыбаннай Думатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын Владимир Васильевы кытта көрсүһүүтүгэр «уһук илин гектар» туһунан сокуону, сиэрэ суох тутааччылартан албыннаппыт дьон кыһалҕатын, Россия Федерациятын Федеральнай Мунньаҕын уонна омук дойдуларын сокуону оҥорор уорганнарын икки ардыларыгар парламеннар икки ардыларыгар сыһыаннаһыылары олохтооһуҥҥа регионнар кыттыыларын таарыйар улахан суолталаах боппуруостары дьүүллэспиттэрэ.

От ыйын 18 күнүгэр Саха парламенын Бэрэссэдээтэлэ Алексанр Жирков Судаарыстыбаннай Дума спикерэ Вячеслав Володин салайан ыыппыт 2018 сылга уонна 2019 уонна 2020 сылларга былааннанар кэмҥэ бюджет, түһээн уонна таможня-тарыып бэлиитикэтин сүрүн хайысхаларыгар туһуламмыт парламент истиилэригэр кыттыыны ылбыта.

От ыйын 22 күнүгэр Чолпон-Ата куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ, «Аан дойду норуоттарын эпостара» Аан дойдутааҕы ассоциация вице-президенэ Александр Жирков «Алтаай цивилизацията уонна алтаай уруулуу тыллаах сомоҕо норуоттара» Аан дойдутааҕы форум чэрчитинэн Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин Президенин Алмазбек Атамбаевы кытта көрсүбүтэ.

2017 сыл от ыйыгар Россия Федерациятын субъектарын сокуону оҥорор уорганнарын баһылыктарын медиарейтиннэрэ:
1. КОНСТАНТИНОВ Владимир Андреевич (Крым) — 6 222,1 (+3)
2. МУХАМЕТШИН Фарид Хайруллович (Татарстан) — 5 915,1 (+1)
3. БРЫНЦАЛОВ Игорь Юрьевич (Московская область) — 5 727,2 (+4)
4. БРИЛКА Сергей Фатеевич (Иркутская область) — 5 414,0 (+1)
5. УСС Александр Викторович (Красноярский край) — 5 219,1 (+19)
6. МАКАРОВ Вячеслав Серафимович (Санкт-Петербург) — 5 163,0 (-5)
7. ШАПОШНИКОВ Алексей Валерьевич (Москва) — 4 556,2 (-5)
8. ДАУДОВ Магомед Хожахмедович (Чечня) — 4 417,0 (-2)
9. ТОЛКАЧЕВ Константин Борисович (Башкортостан) — 3 639,0 (+3)
10. БАБУШКИНА Людмила Валентиновна (Свердловская область) — 3 041,3 (-1)
11. БЕКЕТОВ Владимир Андреевич (Краснодарский край) — 2 438,0 (+2)
12. ЖИРКОВ Александр Николаевич (Саха) — 2 408,0 (+14)
13. ПУТИЛИН Павел Иванович (Липецкая область) — 2 168,0 (+16)
14. АЛТАБАЕВА Екатерина Борисовна (Севастополь) — 2 014,0 (+9)
15. РОЛИК Александр Иванович (Приморский край) — 1 950,3 (-5)
16. ЛИДИН Валерий Кузьмич (Пензенская область) — 1 845,1 (+9)
17. АБРАМОВ Сергей Васильевич (Магаданская область) — 1 517,0 (-3)
18. ШИМКИВ Андрей Иванович (Новосибирская область) — 1 465,1 (+13)
19. МЯКУШ Владимир Викторович (Челябинская область) — 1 440,2 (-1)
20. КОТОВ Александр Алексеевич (Псковская область) — 1 385,0
21. РАЕНКО Валерий Федорович (Камчатский край) — 1 376,0 (+25)
22. ХОХРЯКОВ Борис Сергеевич (ХМАО) — 1 375,0
23. ЛЕБЕДЕВ Евгений Викторович (Нижегородская область) — 1 332,0 (-15)
24. ГОЛУБЕВ Сергей Анатольевич (Тверская область) — 1 311,0 (+4)
25. КОРЕПАНОВ Сергей Евгеньевич (Тюменская область) — 1 266,0 (-10)
26. ИЩЕНКО Александр Валентинович (Ростовская область) — 1 231,0 (+1)
27. ПОПКОВ Владимир Иванович (Брянская область) — 1 175,0 (+9)
28. БАБУРИН Виктор Сергеевич (Калужская область) — 1 120,9 (+9)
29. КАПКАЕВ Владимир Васильевич (Саратовская область) — 1 088,0 (+10)
30. ФОМИН Аркадий Васильевич (Рязанская область) — 1 011,0 (+8)
31. МАТУШКИН Евгений Алексеевич (Тамбовская область) — 1 009,0 (+3)
32. ВАРНАВСКИЙ Владимир Алексеевич (Омская область) — 1 006,0
33. МАРТЫНОВ Игорь Александрович (Астраханская область) — 1 005,2 (+33)
34. САЗОНОВ Виктор Федорович (Самарская область) — 912,0 (+1)
35. КИСЕЛЕВ Владимир Николаевич (Владимирская область) — 909,0 (+8)
36. ЯГУБОВ Геннадий Владимирович (Ставропольский край) — 893,0 (-17)
37. ОРГЕЕВА Марина Эдуардовна (Калининградская область) — 883,0 (-16)
38. БЫКОВ Владимир Васильевич (Кировская область) — 869,1 (+15)
39. НЕТЕСОВ Владимир Иванович (Воронежская область) — 857,0 (-28)
40. ХАРИТОНОВ Сергей Алексеевич (Тульская область) — 778,0
41. ШАНДАЛОВИЧ Элиссан Владимирович (Карелия ) — 736,0 (+11)
42. ЯМКИН Сергей Миронович (ЯНАО) — 732,0 (-1)
43. БАКАЕВ Анатолий Александрович (Ульяновская область) — 693,0 (+4)
44. НЕВОСТРУЕВ Владимир Петрович (Удмуртия) — 672,9 (-11)
45. ЛУГОВСКОЙ Сергей Леонидович (Хабаровский край) — 656,4
46. МУЗАЛЕВСКИЙ Леонид Семенович (Орловская область) — 656,0 (-2)
47. ШИХСАИДОВ Хизри Исаевич (Дагестан) — 642,0 (-31)
48. ЛИХАНОВ Игорь Дмитриевич (Забайкальский край) — 629,0 (+16)
49. ФИЛИМОНОВ Валерий Николаевич (Чувашия) — 612,0 (+1)
50. ДЬЯКОНОВ Константин Викторович (Амурская область) — 610,2 (+26)
51. РОМАНЕНКО Александр Алексеевич (Алтайский край) — 599,0 (-21)
52. ФРОЛОВ Дмитрий Владимирович (Курганская область) — 564,0 (-35)
53. ЛЯХОВ Игорь Васильевич (Смоленская область) — 554,0 (+19)
54. ЛУЦЕНКО Андрей Николаевич (Вологодская область) — 538,1 (-5)
55. БЕБЕНИН Сергей Михайлович (Ленинградская область) — 529,1 (+5)
56. ПИСАРЕВА Елена Владимировна (Новгородская область) — 495,0 (-5)
57. ЕФРЕМОВ Владимир Ильич (Сахалинская область) — 454,2 (+21)
58. ПАВЛОВА Любовь Алексеевна (Еврейская АО) — 443,0 (+12)
59. БОРОВИЦКИЙ Михаил Васильевич (Ярославская область) — 395,0 (+6)
60. ЖЕРЕБИЛОВ Николай Иванович (Курская область) — 369,0 (+17)
61. ДУБОВОЙ Сергей Михайлович (Мурманская область) — 352,0 (-19)
62. СИНИЦЫН Алексей Владимирович (Кемеровская область) — 312,2 (+13)
63. МАЧНЕВ Алексей Васильевич (Северная Осетия) — 312,0 (-15)
64. ДОРОФЕЕВА Надежда Борисовна (Коми) — 305,0 (-8)
65. КОЗАЧКО Анатолий Васильевич (Калмыкия) — 302,0 (+15)
66. ЕВЛОЕВ Зялимхан Султанхамидович (Ингушетия) — 261,1 (+1)
67. ТЮЛЕНТИН Владимир Николаевич (Республика Алтай) — 246,0 (+15)
68. ШТЫГАШЕВ Владимир Николаевич (Хакасия) — 241,0 (-6)
69. ГРАЧЕВ Сергей Иванович (Оренбургская область) — 229,0 (+5)
70. ИВАНОВ Александр Игоревич (Карачаево-Черкесия) — 211,0 (+9)
71. СУХИХ Валерий Александрович (Пермский край) — 199,0 (-13)
72. СЕМИСОТОВ Николай Петрович (Волгоградская область) — 195,1 (-1)
73. НОВОЖИЛОВ Виктор Феодосьевич (Архангельская область) — 194,0 (-4)
74. НАРОЖНЫЙ Владимир Иванович (Адыгея) — 175,3 (-11)
75. ДОРЖИЕВ Цырен-Даши Эрдынеевич (Бурятия) — 170,4 (-20)
76. СМИРНОВ Виктор Владимирович (Ивановская область) — 170,0 (-15)
77. МАСЛОВ Александр Иванович (Чукотский АО) — 134,2 (+8)
78. АНОХИН Алексей Алексеевич (Костромская область) — 134,0 (-10)
79. КОЗЛОВСКАЯ Оксана Витальевна (Томская область) — 132,0 (-25)
80. ПОТРЯСАЕВ Василий Николаевич (Белгородская область) — 131,6 (-7)
81. ЧИБИРКИН Владимир Васильевич (Мордовия) — 131,0 (-24)
82. ДАВАА Кан-оол Тимурович (Тыва) — 124,0 (+1)
83. МЯНДИН Анатолий Васильевич (Ненецкий АО) — 69,0 (+1)
84. МИНАКОВ Юрий Александрович (Марий Эл) — 60,1 (-3)
85. ЕГОРОВА Татьяна Борисовна (Кабардино-Балкария) — 27,0

Санатан эттэххэ, «Медиалогия» Россиятааҕы чинчийэр компания бу рейтини сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ тус киһи үлэтин үтүө түмүктэрин көрдөрөр медиаиндекскэ олоҕуран оҥорор. Онуоха тустаах киһи сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ көннөрү хаста ахтыллыбытын ааҕыынан эрэ муҥурдаммакка, кини туһунан иһитиннэрии төһө сабыдыаллаах иһитиннэрэр-биллэрэр ситимнэргэ тахсыбытын, ол ис хоһоонугар кини оруолун, кини туһунан хайдах хабааннаахтык этиллибитин, бэйэтэ эппитин эбэтэр киниэхэ сыһыаннаан этиллибити көрдөрөр индекстэргэ олоҕуран бу киһи сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ репутациятын сыаналыыр кыахтаах. «Медиалогия» лингвистика өттүттэн ырытан-ырыҥалаан оҥорбут тиһигэ тус киһи ахтыллыбыт иһитиннэриилэрин-биллэриилэрин биирдиилээн индекстэрин түмэн туран тустаах кэм иһигэр информационнай эйгэҕэ үчүгэй өттүнэн көрдөрүллүүтүн уопсай таһымын сыаналыыр.

Маннык рейтини «Медиалогия» 37 400 сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ олоҕуран оҥорор: ТВ, радио, хаһыат, сурунаал, информационнай агенстволар, Интернет-СМИ. Тустаах киһи сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ төһөнөн чаҕылхайдык уонна үчүгэй өттүнэн көрдөрүллэр да, рейтинэ соччонон үрдүк.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА