Ааспыт сыл алтынньыга Россия депутаттара Е.А. Ямпольская, М.А. Топилин, С.А. Пахомов, А.Е. Хинштейн, А.В. Канаев, А.М. Шолохов, Е.Г. Драпеко, Д.В. Майданов уонна О.М. Германова Российскай Федерация Судаарыстыбаннай Дууматын көрүүтүгэр «Российскай Федерация судаарыстыбаннай тылын туһунан» федеральнай сокуоҥҥа уонна Российскай Федерация сокуоннарын сорох аакталарыгар уларытыылары киллэрии туһунан” сокуон барылын кииллэрбиттэрэ. Сокуон барыла Российскай Федерация судаарыстыбаннай тылын быһыытынан нуучча тылын харыстыыр уонна кини киэҥ эйгэҕэ толору туһаныллыытын хааччыйар соруктаах диэн ыйыллыбыта.
Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕириитин үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕын кыттыылаахтарын кытта көрсүһүүгэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков бу сүнньүнэн туһалаах сокуон барыла эрээри, өскөтүн ылыллар түгэнигэр Российскай Федерацияҕа олорор омуктар тылларын туһаныы хайдах буолуохтааҕа чопчута суоҕун уонна олохтоох нэһилиэнньэ ортотугар дьаахханыы онтон сылтаан үөскээбитэ диэн эттэ. Холобур, ордук тыа сиригэр, сахалыы алфавит буукубаларынан суруллубут дьоҕус тэрилтэлэр элбэхтэр, олор бу саҥа сокуоҥҥа төһө сөп түбэһиэхтэрэй? Олох, үлэ ханнык баҕарар эйгэтигэр үлэлиир, эргинэр кыра тэрилтэлэр, бородууксуйаларын аата сахалыы буукубалардаах буоллаҕына хайдах буолар?
«Маны таһынан, Российскай Федерация Конституциятыгар өрөспүүбүлүкэлэр бэйэлэрин судаарыстыбаннай тылларын олохтуур уонна араас өҥөнү оҥоруу, атыы-эргиэн эйгэлэригэр тылы туттуу бэрээдэгин Российскай Федерация сокуоннарын сэргэ бэйэлэрин сокуоннарынан олохтоһуохтаахтара бигэргэммитэ, — диэн этэр Александр Николаевич. – Аны, эмиэ РФ Конституцията этэринэн, нуучча тылын таһынан бэйэлэрин судаарыстыбаннай тылларын олохтуур быраап национальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ эрэ баар. Оттон бу саҥа федеральнай сокуон барылыгар судаарыстыбаннай тыл Российскай Федерация бары субъектарыгар биир буолуохтааҕын курдук өйдөбүл киирдэ. Ити тутаах боппуруостар сокуон ылынылла илигинэ чуолкайданыах тустаахтар.
Тыл туһунан федеральнай сокуон барылыгар үлэ салгыы барар. Ил Түмэн вице-спикерэ Александр Жирков сорудаҕынан өссө сэтинньи ыйга өрөспүүбүлүкэ парламенын туһааннаах сис кэмитиэтэ «Российскай Федерация судаарыстыбаннай тылын туһунан» федеральнай сокуоҥҥа уонна Российскай Федерация сокуоннарын туспа аактарыгар уларытыылары киллэрии туһунан” федеральнай сокуон бырайыагар Ил Түмэн этиилэрин киллэрэр уураах барылын бэлэмнээбитэ. Ити уураах 2023 сыл сэтинньи 30 күнүгэр ылыныллыбыта. Ахсынньыга Александр Жирков Москваҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн Госдума депутата Галина Данчикованы уонна барылга бэйэлэрин этиилэрин бэлэмнээн ыыппыт атын регионнар депутаттарын кытары көрсүбүтэ. Билигин барыл Госдума сокуону оҥорор үлэтин былааныгар киллэрилиннэ, кулун тутарга эбэтэр муус устарга бастакы ааҕыыга көрүллэригэр бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар.
Ааптар: Сергей Васильев.
This post was published on 26.01.2024 14:33 14:33