Муус устар 10 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков МэҥэХаҥалас улууһун Доллу нэһилиэгэр сылдьан, ааспыт сылга саҥа тутуллан үлэтин саҕалаабыт сүөһүгэ эбии аһылыгы оҥорор собуот үлэтин билистэ. «Тумул» тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэ салайааччыта Таисия Васильевна Десяткинаны, үлэ бэтэрээнэ Иннокентий Васильевич Птицыны, собуот дириэктэрэ Тимур Борисович Десяткины кытта эбии аһылыгы оҥорор собуот үбүлэниитин, тутуутун, үлэтин сиһилии кэпсэттэ.
Бу уотурбаны оҥорор саҥа бырайыактаах собуот өрөспүүбүлүкэҕэ аммалар кэннилэриттэн, иккис тэрилтэ. Үлэтин ааспыт 2021 с. балаҕан ыйыттан саҕалаабыта, биэс үлэһиттээх. Собуоту 45% СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, 45% Мэҥэ Хаҥалас улууһа, 10% Тимур Десяткин бэйэтэ уйунан, Новосибирскай куораттан «Агроинжениринг» тэрилтэттэн анал тэриллэри аҕалан таҥпыттара. “Тумул” ТХПК 1994 сыллааҕы тутуу — эргэ арочнай гарааһын өрөмүөннээн, чөлүгэр түһэрэн, собуот онно олохсуйбут. Улуус дьаһалтата атырдьах ыйыгар кумах, гравий кутан, 250 миэтэрэлээх собуокка барар суолу оҥорон биэрбит.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 1 тыһ. тонна уотурбаны оҥорон таһаарарга диэн субсидия анаабыт. Саҥа тэриллибит собуот ол былааны толорон, тыһыынча тонна уотурбаны оҥорон таһааран батарбыт. Уус Алдан, Чурапчы, Таатта, Бүлүү, Хаҥалас улуустарыттан хамаҕатык атыыласпыттар. Уотурбаҕа олохтоох бурдугу ыһааччылартан тыһыынча тонна кэриҥэ сиэмэни, уотурбаны атыыласпыттар. Уотурбаны дьэһимиэнтэн, сэлиэһинэйтэн оҥороллор. Кэмпэндээйи тууһунан тууһууллар, Новосибирскайтан эбии концентраттан куталлар. Уотурбаны атыыласпыт тэрилтэлэр улаханнык биһирээбиттэр. Сыаната да чэпчэки, хаачыстыбата, амтана да үчүгэй. Кэлии уотурба курдук ол-бу от-мас эбиитэ суох.
Собуот үлэтин көрөн-истэн баран Александр Жирков: «Үчүгэй саҕалааһын, — диэн түмүктээтэ. — Билиҥҥи быһыы-майгы өтөрүнэн көнүө суоҕа. Түмүгэ экэномикаҕа да, политикаҕа да охсуута улахан буолуоҕа. Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ сүрүн сорукпут – тыа сирин харыстаһа сатыахтаахпыт. Ил Дархан, Ил Түмэн, Бырабыыталыстыба тыа сиригэр аналлаах дьаһаллара дириҥээн, күүһүрэн иһиэхтэрэ. Барытын бэйэбит кыаныахпыт суоҕа гынан баран, кыаллар, сатанар өттүн бэйэбит оҥоро, бэйэбит дьаһана сатаатахпытына уонна оннук саҕалааһыннары бары өттүнэн өйүүр буоллахпытына балайда тулуктаһыахпыт. Кытаатыҥ, үлэлээн-хамсаан иһиҥ, ситиһиилээх буолуҥ». Кини үлэлии сылдьар дьоҥҥо махтал, өйөбүл тылларын эттэ.
This post was published on 14.04.2022 17:01 17:01