Муус устар 15 күнүгэр Саха АССР 100 сылын көрсө Суотту нэһилиэгин олохтоохторун көрдөһүүлэринэн Суотту орто оскуолатыгар “Саха бастакы көлүөнэ интеллигенцията уонна Саха сирин норуоттарын судаарыстыбаннаһа олохтонуута» сиэрийэҕэ тахсыбыт «Предтеча” кинигэни сүрэхтээһин буолла.
Кэлбит ыалдьыттарга анаан Суотту оскуолатын үөрэнээччилэрэ П.А. Ойуунускай хоһооннорун ааҕан иһиттиннэрдилэр.
Көрсүһүүгэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы А.Н. Жирков, кинигэ ааптардарыттан биирдэстэрэ З.И. Петухова, научнай консультант, учуонай П.П. Петров кытыннылар. Мустубут дьон кинилэр бу кинигэҕэ киирбит саха чулуу дьонун Софрон Сыранов, Алексей Аржаков, Илья Шадрин тустарынан сиһилии кэпсээбиттэрин кэрэхсээн иһиттилэр. Тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт дьон өйү-санааны байытар көрсүһүү буолбутун, ордук үүнэн иһэр ыччат историяны, норуоттарын чулуу дьонун туһунан билэллэрэ кинилэр личность быһыытынан үүнүүлэригэр туһалаах буолуоҕун, сир аайы маннык кэпсэтиилэр буолаллара наадалааҕын бэлиэтээтилэр, кэлбит ыалдьыттарга махтаннылар, санааларын үллэһиннилэр.
Р.Н. Черкашина: “Нэһилиэкпитигэр Саха сиригэр судаарыстыбаннас олохтонуон быдан иннинэ норуот быраабын туруорсубут, өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһа үөскээһинигэр олук уурсубут дьоммут Софрон Сыранов, Алексей (Сэһэн) Аржаков уонна Илья Шадрин олохторун, общественнай үлэлэрин сырдатар кинигэ сүрэхтэниитигэр бу сиэрийэ бырайыагын көҕүлээччитэ, ааптара, салайааччыта, СӨ Ил Түмэнин бастакы вице-спикерэ А.Н. Жирков, кинигэҕэ үлэлэспит ааптар, историк, суруналыыс З.И. Петухова, научнай консультант, ист.н.к. П.П. Петров бэйэлэринэн кэлэн бу тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыттара биһиги нэһилиэкпитигэр умнуллубат бэлиэ түгэн буолла. Кинилэр кинигэ сүнньүнэн дириҥ ис хоһоонноох кэпсээннэрин, ырытыыларын оҕолуун, улаханныын долгуйа иһиттибит. Сахабыт чулуу дьонун сырдатар «Предтеча» кинигэ ааҕааччыга киэҥник тарҕанан, кэрэхсэнэн, иитэр-үөрэтэр суолтата улаата турарыгар баҕарабыт,” – диэн иһирэх тылын тиэртэ.
Педагогическай үлэ ветерана, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Г.Г. Мигалкин: «Республикабыт 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө дьоһун, суолталаах бэлэҕи туттубут.Кинигэни таһаарааччылар архив докумуоннарыгар уонна историктар үлэлэригэр тирэҕирэн чахчы итэҕэтиилээхтик саха норуотун бастакы көлүөнэ интеллигенциятын иннинээҕи чаҕылхай бэрэстэбиитэллэрэ Софрон Сыранов, Алексей Аржаков, Илья Шадрин норуоттарын туһугар хайдах курдук хорсуннук, дьулуурдаахтык турууласпыттарын истэн итэҕэйдибит. Кинилэр баар буолан билиҥҥи сайдыы оҥкула, укулаата ууруллубута сааарбаҕа суох. Кинигэни ааҕан истэххэ, өссө дириҥээн, саҥаттан саҥа чахчылары билиэххин баҕарар санаа күүһүрэн иһэр. Кинигэ сүрэхтэниитигэр оскуолабыт үрдүк кылаастарын үөрэнээччилэрэ сылдьыбыттара хайҕаллаах. Кинилэргэ история чахчыларыттан, үтүө дьон холобурдарыттан сырдык санаа кыыма хайаан да киирбит буолуохтаах. Александр Николаевичка, Зоя Ильиничнаҕа, Пантелеймон Пантелеймоновичка илэ бэйэлэринэн кэлэн кинигэ туүунан сырдаппыттарыгар, өтөр хатыламмат дьоллоох түгэни бэлэхтээбитттэригэр ис сүрэхтэн махтанабын”.
«Кинигэҕэ икки аҥар үйэ анараа өттүгэр олорон ааспыт саха өркөн өйдөөх дьоно – Софрон Сыранов, Сэһэн Ардьакыап, Илья Шадрин — саха норуотун туһугар ыраахтааҕыга тиийэн, туруорсан, үгүһү ситиспиттэрин, кэлэр көлүөнэ дьоҥҥо сайдыы-билии суолун түстээбиттэрэ кэпсэнэр. Бу дьон холобур буолар олохторун, хорсун булгуруйбат санааларын, өркөн өйдөрүн туһунан киһи иһиттэр-истэ олоруох курдук кэпсээтилэр кинигэ автордара.
Александр Николаевич араатар быһыытынан кэпсиир дьоҕура, сахалыы уус-ураннык, оҕоҕо да, улахан да дьоҥҥо тиийимтиэтик, киһи истэн олорон ол дьоһун дьонунан киэн туттарын курдук чаҕылхайдык кэпсээтэ. Былыргы кэмтэн кэлэр үйэлэри өтө көрөн саха норуотугар сайдыы суолун арыйбыт саха бастакы интеллигенциятынан киэн туттар санаа саҕылынна.
Умнуллубат үтүө көрсүһүүнү бэлэхтээбиттэригэр автордарга махтанан, салгыы норуоппут туһугар айар-тутар, үлэлиир-үөрэнэр баҕа санаалаах тарҕастыбыт» — диэн эттэ И.Р. Ядрихинская, оскуола музейын үлэһитэ.
“Кинигэ сүрэхтэниитигэр сылдьан, Саха сирин историятыгар сүдү суолу-ииһи хаалларан, өрөспүүбүлүкэбит төрүттэниитигэр бастакы олугу уурбут саха саарыннара Софрон Сыранов, Сэһэн Ардьакыап, Илья Шадрин тустарынан кинигэ тахсыытыгар үлэлэспит дьон ыллыктаах, ылыннарыылаах кэпсээннэрин сэргии, дуоһуйа иһиттибит. Биир дойдулаахпыт, Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын V ыҥырыылаах мунньаҕын Бэрэссэдээтэлэ, историк учуонай А.Н. Жирков дойдубут ааспыт кэминээҕи историятыттан урукку өттүгэр ааҕааччыга ситэри-хотору сырдатыллыбатах, ырытыллыбатах үгүс историческай көрүүлэри тиийимтиэ, өйдөнүмтүө гына кэпсээн, истээччи болҕомтотун тарта.
Ааспыта, былыргыта суох — норуот суох. Билиҥҥи уонна кэлэр көлүөнэ ыччат төрөөбүт дойдутун историятын ситимнээхтик үөрэтиитигэр, норуотун олорон кэлбит олоҕун кырдьыктаахтык билиитигэр бу кинигэ суолтата улахан. БиҺиги, бу кинигэ нэһилиэк, оскуола бибилэтиэкэлэригэр тарҕанан, ааҕааччы киэҥ араҥата илиитигэр тутан билиэн баҕарабыт”, — диэн санаалаах С.Васильев-Борогонскай аатынан Хоно5ор орто оскуолатын педколлектива.
Суотту оскуолатын педагог-библиотекара З.Н.Бочкарева: «САССР 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө сонун, сэргэх тэрээһин буолан ааста. Нэһилиэк баһылыга В.И. Иванов ыҥырыытынан, оскуола (директор И.М. Петухова) актабай саалатыгар «Предтеча» кинигэни билиһиннэрии, кинигэ тула кэпсэтии ыытылынна. Бу тэрээһин кыттыылаахтарынан оскуолабыт 8-11 кылааһын үөрэнээччилэрэ, учууталлара, нэһилиэк олохтоохторо, тэрилтэ салайааччылара буоллулар. Кинигэни бэлэмнээн таһаарбыт автордар А.Н. Жирков, З.И. Петухова, П.П. Петров ыалдьыттаатылар. Көрсүһүүнү иилээн-саҕалаан истиҥ көрсүһүүнү оскуолабыт музейын үлэһитэ, саха тылын, литературатын учуутала И.Р. Ядрихинская ыытта. Кинигэ библиографическэй обзорун Суоттутааҕы модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Р.Н. Черкашина истэн олорор кыттыылаахтары умсугутар, сэҥээрдэр, кинигэҕэ болҕомто уурулларын курдук кэпсээтэ.
Кэпсэтиини З.И. Петухова, кинигэ суруллуутугар, докумуон хомуйуутугар үлэлэспит састаабы билиһиннэрэн, биир дойдулааҕа Алексей Аржаков туһунан дириҥ ис хоһоонноох кэпсээнэ кыттыылаахтары сэҥээртэ. Историческай архив докумуоннарыгар олоҕурбут, ыстатыйалар, хаартыскалар, саха норуотун бастакы интеллигенциятын туруутун түмэн бэчээккэ түмүллэн, кэлэр ыччакка история чахчыларын билиигэ, үөрэтиигэ туһаайылларын бэлиэтээтэ.
Кинигэ научнай консультана П.П. Петров, үөрэнээччилэргэ, ааҕааччыларга туһаайан, “Предтеча” кинигэ сүрүн дьоруойдарын билиһиннэрэн, кинилэр саха норуотун туһугар оҥорбут, саҕалаабыт үлэлэрин суолтатын бэлиэтээтэ.
Олус долгуйа, олох биир тыынынан иһиттибит А.Н. Жирков Алексей Аржаков, Софрон Сыранов, Илья Шадрин төрдүлэрин, олохторун суолун, туруорсууларын, докумуоннарын ырытан итэҕэтиилээхтик кэпсээбитин. Истэн олорор оҕолорбут, үөрэнээччилэрбит олус чуумпуран, сэҥээрэн, болҕомтолоохтук истэн тарҕастылар. Александр Николаевич тиийимтиэ, судургу кэпсэтии быһыытынан, дьоруойдар тус олохторун түгэннэригэр тохтоон, бэлиэтээн этиитэ, бэлиэтээһинэ сөхтөрдө.
Кэпсэтии кыттыылаахтара оскуола фойетыгар тардыллыбыт САССР 100 сылын көрсө тэриллибит, кинигэ, матырыйааллар, хаартыскалар быыстапкаларын көрөн биһирээтилэр. Д.К. Сивцев Суорун Омоллоон аатынан Ленатааҕы государственнай историко-архитектурнай музей (специалист Л.С. Сивцева) үлэһиттэрэ автономия историятын кэрэһилиир экспонаттара болҕомтону тартылар.
Бу тэрээһиҥҥэ кыттыбыт, кэпсэтиини истибит дьон сүрдээҕин долгуйан, үөрэн туран, дойдубут, норуоппут туһугар сүҥкэн үлэни ыыппыт, олохторун бүттүүн саха дьоно сайдарын туһугар уурбут биир дойдулаахтарбытынан киэн тутта тарҕастыбыт.
Биһиги Суоттубут нэһилиэгэр кэлэн ыалдьыттаабыт, “Предтеча” кинигэҕэ үлэлэспит үтүө дьоммутунан киэн туттабыт, барҕа махтал тылбытын этэбит» — диэн тэрээһин туһунан санаатын үллэһиннэ.
«Наһаа истиҥ кэпсэтии буолла диэн астынабыт. Софрон Сырановы,Сэһэн Ардьакыабы билэр киһи элбэх буоллаҕа, онтон Илья Шадрин, Хаҥалас кинээһин курдук чулуу дьоммутун сырдатан таһаарбыттара туохха да кэмнэммэт, наһаа наадалаах кинигэ күнү көрбүтэ, кырдьык даҕаны сүрдээх улахан үлэ эбит диэн сыаналыыбын,махтанабын.
Бу кинигэ тахсыытыгар үлэлэспит дьоммутугар, чуолаан көҕүлээн, салайан үлэлэспит Александр Николаевичка, историк Зоя Ильиничнаҕа махталбыт олус улахан. Бу сүҥкэн үлэлэрэ кэнэҕэски ыччаппытыгар тиийэн, эдэр ыччакка бастакы саха интеллигенциятын, норуотун туһугар үлэлэспит дьоммутун сырдатан кэпсиир, номох буолан кэпсэнэр олохторун норуокка таһааран, дьиҥ чахчы архыып докумуоннарын ырытан таһаарбыттара сүҥкэн улахан үлэ. Махтанабыт, сүгүрүйэбит Александр Николаевичка, бу улахан үлэни саҕалаабыт дьоммутугар» — диэн махталларын тиэртилэр Суоттутааҕы «Доҕордоһуу» музейын үлэһиттэрэ.
М.И. Стручкова: «Кинигэ тахсыытыгар авторы кытта ыкса үлэлэспит ыалдьыттар кэпсээннэрин саала бэркэ сэҥээрэн иһиттэ. Ирина Романовна Ядрихинская олус истиҥник барытын биир тэҥ оҕуруо курдук тиһэн холбоон истэ. Быыһыгар Александр Николаевич көрсүһүүгэ кэлбит үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэппит үөрэнээччитэ Лариса Охлопкова, биир кэмҥэ үөрэммит киһи мин аатым кытары ахтылынна. Александр Николаевич чахчы өйдүүрүн биллэрэн кыыс эрдэҕинээҕи араспаанньабын ааттаан дьону соһутта. Мин эмиэ сөҕөбүн: аҥардас биһиги курска 150 устудьуон баара. Ону бу түөрт уонтан тахса сыл ааспытын да кэннэ хас биирдиибитин ааҕа кини өйдүүр.
Александр Николаевич биһиги кэммит чулуу ыччата, бар дьонугар, кэлэр көлүөнэҕэ сахалар норуот быһыытынан сайдан кэлбит суолбут саҕаланыыта хайдах эбитин, ол сайдыыбыт туһугар турууласпыт дьоммут кимнээхтэрин дьиҥнээх докумуоннартан дириҥник хасыһан үөрэтэн билбитин бу кинигэнэн өлбөт-сүппэт мэҥэ бэлиэ оҥордо дии саныыбын. Көрсүһүүттэн улаханнык астынным, биир кэмҥэ кэккэлэһэ үөрэммит үтүө доҕорбутунан, Александр Николаевиһынан, киэн туттуох санаам ааспаттык хаалла. Александр Николаевичка киэҥ былааннара туола туралларыгар баҕарабын» — диэн киэн туттуутун, баҕа санаатын тиэртэ.
Саха Парламенын бастакы вице-спикерэ А.Н. Жирков салайааччылаах бөлөх нэһилиэнньэни кытта көрсөн, ыйытыыларыгар хоруйдаан, хардарыта астынан тарҕастылар.
С. Васильев
This post was published on 20.04.2022 19:45 19:45