Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Өспөх орто оскуолатын маҥнайгы кылааһыгар икки оҕо үөрэнэ киирдэ. Айталлаах Сашаҕа Билии күнэ умнуллубат түгэни хаалларда. Кинилэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков кэлэн эҕэрдэлээтэ, өйдүү-саныы сылдьалларыгар бэлэх туттарда.
Ити курдук спикер улуус биир саамай ыраах нэһилиэгэ хайдах олорорун, кытыы сир кыһалҕатын көрө-истэ кэлбититтэн дьон сэргэхсийдэ.
Александр Николаевич Өспөххө 25 миэстэлээх оҕо саадын таас дьиэтин тутуута хайдах баран иһэрин билистэ. Эбийиэк көҥдөйө, кырыыһата оҥоһуллубут, муостатын ититиитин 60 бырыһыанын бүтэрбиттэр. Билиҥҥинэн тутуу матырыйаалын тиэрдиини түргэтэтэр сорук турар. Бу боппуруос муостаттан иҥнэн турарын, ыарахан уйуктаах массыыналары аһардыбатын олохтоохтор этиннилэр. Көрсүһүүгэ кыттыбыт Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов аукцион биллэриллэн, муостаны өрөмүөннүүр тэрилтэ быһаарыллыбытын, онон үлэ саҕаланыахтааҕын иһитиннэрдэ. Александр Николаевич таһаҕаһы сиринэн тиэрдиини сэргэ ардах түһэр, суол алдьанар түгэнигэр, олорон хаалбат инниттэн уунан аҕалыыны эмиэ толкуйдаан көрөллөрүн сүбэлээтэ. Олохтоохтор уһун сылларга ыра оҥостубут тутууларын сыл бүтүөр диэри үлэҕэ киллэрэр сорук турар. Итиэннэ бу эбийиэккэ оҕо оонньуур былассааккатын хааччыйыы боппуруоһун көтөхтүлэр.
Александр Жирков хапытаалынай өрөмүөн бара турар учаастактааҕы балыыһаҕа сырытта. Манна өрөмүөн сүрүннээн бүппүтүн, бытархай өттүн ситэрэр хаалбытын, балаҕан ыйын ортото үлэлииргэ бэлэм буолуоҕун балыыһа сэбиэдиссэйэ Жанна Павлова иһитиннэрдэ. Спикер балыыһа өрөмүөнэ үчүгэйдик барбытын сыаналаата уонна коллектив бигэтик үлэлии олорорун бэлиэтээтэ. Улуустааҕы кииннэмит балыыһаҕа Түүлээх уонна Өспөх балыыһаларын тэҥинэн биир күҥҥэ арыйан үлэлэтэргэ, онуоха диэри сөптөөх миэбэлинэн, оборудованиенан хааччыйыыны ситиһэрин туһунан боротокуолга киирдэ.
Өспөхтөр тыын боппуруос быһыытынан киин ититэр ситими күүһүрдэри туруорсаллар. Саҥа эбийиэк холбонуутугар уонна чааһынай дьиэлэргэ сылааһы биэриигэ билиҥҥи хочуолунай кыамтата тиийбэт. Александр Жирков Өспөххө СӨ Олох-дьаһах уонна энергетика министиэристибэтин мунньаҕын ыытарга этии киллэрдэ. Өспөх холобуругар маннык кытыы сытар дьоҕус нэһилиэктэргэ оттугунан хааччыйыы боппуруостарыгар кэпсэтии тахсыан сөп. Коммунальнай хаһаайыстыба улуустааҕы филиалыгар теплотрассаны ититиигэ үлэни ыытарга сорудах бэрилиннэ. Олохтоохтор маны сэргэ сэлиэнньэни уунан хааччыйыы боппуруоһун көтөхтүлэр.
Оскуола дириэктэрэ Иван Горохов ааспыт үөрэх дьылын 52 оҕо түмүктээбитин, 4 оҕо оскуоланы бүтэрэн үөрэххэ киирбитин, быйылгы үөрэх дьылыгар 46 оҕо үөрэниэхтээҕин билиһиннэрдэ. 3 саҥа учуутал кэлбит, ол эрээри специалистары олордорго үчүгэй усулуобуйа суоҕунан, эдэр учууталлар уһаабакка, уларыйа туралларын эттилэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ нэһилиэнньэ биир сүрүн туруорсуута – оскуола дьиэтин салҕааһынын тутуу. Сэлиэнньэ өрүс кытыытыгар турар буолан, урукку сылларга халааҥҥа ыллара сылдьыбыт кэмнэрдээҕэ. Икки мэндиэмэннээх эргэ оскуола көтүрүллэн, саҥа оскуоланы уталыппакка тутар боппуруос турбута. Ол саҕана федеральнай бырагырааманан кэлбит үбү туһана сатаан бэрт түргэнник саҥа дьиэни тутан киллэрбиттэрэ. Инньэ гынан бу дьоҕус тутуу надзор ханнык да ирдэбилигэр эппиэттээбэт, кыараҕас уонна мөлтөх хаачыстыбалаахтык тутуллан, ардахха тэстэр, сиигирэр уонна тымныы. Ол иһин олохтоохтор таас да оскуолата туттарыахха, оччоҕо нэһилиэнньэ көһөн барыыта тохтуо, дьон олохсуйуо этэ, эбэтэр билиҥҥи эбийиэги салҕаан тутары эттилэр. Онон бу икки барыйааны хайатыгар этии киллэрэргэ сүбэлээтилэр.
Көрсүһүүгэ нэһилиэнньэ санаатын сиһилии этиннэ. Александр Жирков олохтоохторго дойду, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үөскээбит балаһыанньаны кэпсээтэ, нэһилиэнньэ олоҕун тупсарыы туһунан бу курдук салгыы кэпсэтэ, сүбэлэһэ, билсэ туруохпут диэн туран, ыраах сытар дьоҕус түөлбэлэр эстиэ суохтаахтарын, сайдыы барыахтааҕын туһунан бэлиэтээтэ, олохтоохторго түмсүүлээх, көхтөөх уонна этэҥҥэ буолууну баҕарда.
Түмүккэ Александр Жирков Өспөх орто оскуолатын математикаҕа учуутала Саргылаана Неустроеваҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэхтээһинин сайдыытыгар үтүөлэрин иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бочуотунай грамотатын, Өспөхтөөҕү ветеринарнай пуун фельдшерэ Маргарита Соловьеваҕа өр сыллаах кыһамньылаах үлэтин иһин Ил Түмэн Махтал суругун туттарда.
This post was published on 06.09.2016 14:17 14:17