22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Александр Жирков: Сахабыт сирин айылҕатын харыстааһын Россия уонна аан дойду таһымыгар тэҥҥэ көрүллэрин туһугар

16:11, 19 марта 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кулун тутар 16 күнүгэр Уус Алдан улууһун киинигэр Бороҕоҥҥо Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет уонна Уус Алдан улууһун дьаһалтатын, улуустааҕы Сэбиэт мунньаҕын тэрийиилэринэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологическай доктринатын ырытар научнай-практическай конференция буолла.


Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологическай доктрината 2016 сыллаахха ахсынньы 20 күнүгэр Ил Түмэн уурааҕынан ылыллыбыта. Саха сирэ 3 мөл. км. тахса иэннээх, Россия иһигэр эрэ буолбакка, аан дойду таһымыгар улахан эргимтэлээх сир. Билигин өрөспүүбүлүкэбитигэр бырамыысалыннас, сир баайын туһаныы сайдан, туундараҕа, муора кытылларыгар тиийэ кэҥээн, айылҕабытыгар охсуута элбиир кутталланна. Өрөспүүбүлүкэбит айылҕа өттүттэн ордук улахан эмсэҕэлээһиҥҥэ хаптарыан сөптөөх сирдэргэ киирэн эрэр. Ол иһин инникитин сирбитин-уоппутун, айылҕабытын хайдах көрөн, харыстаан олорорбут боппуруоһа наука эйгэтин, өрөспүүбүлүкэ салалтатын эрэ буолбакка, хас биирдии киһини долгутар. Тулалыыр эйгэбит кэхтиитэ, алдьаныыта нэһилиэнньэ доруобуйатыгар охсуулаах. Итини бэйэбит үлэлэһэн, сокуонунан ирдээн, харыстаан олоробут. Ити үлэни чопчулуурга, хонтуруоллуурга Экологическай доктрина ылыллыбыта.

Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков инники өттүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ылыллар бары сокуоннар, бырагырааммалар, тустаах докумуоннар Экологическай доктринаҕа олоҕуруохтара, онно сөп түбэһиэхтэрэ уонна өрөспүүбүлүкэҕэ айылҕаны харыстааһын ирдэбиллэрин халбаҥнаабакка тутуһуу ирдэниэҕэ диэн эттэ.

“Билигин бу үлэ саҥа саҕаланна. Былаас, салалта даҕаны, тустаах тэрилтэлэр, дьон-сэргэ бу ирдэбиллэри ситэ билсэ, тутуһарга үөрэнэ иликтэр. Онон иннибитигэр үгүс үлэ күүтэр – оҕо саастан саҕалаан экологическай үөрэхтээһин барыахтаах, өрөспүүбүлүкэҕэ экологическай култуура олохсуйуохтаах”, — диэтэ Александр Жирков.

Ил Түмэн спикерэ айылҕаны харыстааһыҥҥа Саха сирэ бэйэтэ эрэ буолбакка, Россия атын, ордук хотугу уонна ыаллыы сытар субъектары кытта ситимнээх үлэ барыахтааҕын бэлиэтээтэ. “Экологическай доктринаны өрөспүүбүлүкэбит уратыларыгар олоҕуран оҥорбут уонна ылыммыт регион буоларбыт быһыытынан, бу саҕалааһыны атын регионнарга тарҕатарга кыһаллыахтаахпыт. Былырыын Россия Федерацията экологияҕа куттал суох буолуутун Стратегиятын ылынна. Биһиги доктринабыт бу Стратегия чэрчитинэн үлэлиэҕэ. Сүрүн сорукпут – Сахабыт сирин айылҕатын харыстааһын Россия, ону ааһан аан дойду таһымыгар тэҥҥэ көрүллэр буоларын ситиһиэхтээхпит. Оччотугар саҕалаабыт үлэбит түмүгэ ордук биллэр, кэскиллээх уонна туһалаах буолуоҕа”, — диэн Александр Жирков анаан бэлиэтээтэ.

Санатан эттэххэ, Экологическай доктринаны Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ 2017 сыл кулун тутар 20-21 күннэригэр Москваҕа “Экология” норуоттар икки ардыларынааҕы VIII форумҥа уонна ыам ыйын 1-3 күннэригэр Санкт-Петербурга ыытыллыбыт “Экологическай форумҥа” туруора сылдьыбыта. Быйыл кулун тутар 22-23 күннэригэр Москва куоракка “Экология” норуоттар икки ардыларынааҕы IX форумҥа Экологическай доктрина боппуруоһа өссө көтөҕүллүө диэн Ил Түмэн спикерэ иһитиннэрдэ.

Конференцияҕа Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Анатолий Добрянцев, Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин айылҕа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Яков Заровняев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин айылҕаны туһаныы эйгэтигэр надзор Федеральнай сулууспатын управлениетын салайааччытын солбуйааччы Сергей Сивцев, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет профессора Парасковья Гоголева, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет прикладной экологияны үөрэтэр-чинчийэр институутун үлэһитэ Петр Данилов уонна да атыттар иһитиннэриилэри оҥордулар, тустаах этиилэри киллэрдилэр.

Ол курдук бастакы вице-спикер Анатолий Добрянцев Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологическай доктрината айылҕа харыстабылыгар туһаайыллар, өрөспүүбүлүкэ уратыларыгар олоҕурар Стандарт оҥоһулларыгар тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ. Маны таһынан Анатолий Добрянцев айылҕаны туһаныыга сыһыаннаах ирдэбиллэри тупсарыы, тулалыыр эйгэҕэ куһаҕан дьайыыны аччатыы, айылҕа туругун, хамсыыр харамай, от-мас эйгэтин харыстааһын, экологияҕа охсор саахаллары суох оҥоруу, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа үлэ систиэмэтин сайыннарыы, экологическай үөрэхтээһин баар буолуохтааҕын туһунан эттэ.

Ил Түмэн депутата Владимир Прокопьев “Ирбэт тоҥу харыстааһын уонна үөрэтии туһунан” сокуон бырайыагын, Экологическай кодекс баар буолуохтааҕын, өрөспүүбүүлүкэҕэ общественнай экологическай хонтуруол күүһүрүөхтээҕин туһунан иһитиннэрдэ.

Айылҕа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Яков Заровняев 2017 сыл – Экология уонна айылҕа харыстабылын, ытык-кэрэ сирдэри харыстааһын сылыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологическай доктринатын олоххо киллэриигэ министиэристибэ ыыппыт үлэтин туһунан кэпсээтэ.

Мустубут дьон болҕомтолорун биологическай наука кандидата Петр Данилов, улуустааҕы эдэр натуралистар станцияларын дириэктэрэ Людмила Винокурова, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Варвара Новогодина, Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатын учуутала Ульяна Румянцева, Найахы орто оскуолатын учуутала Мария Спиридонова, улуустааҕы оҕо библиотекатын сэбиэдиссэйэ Вера Портнягина уонна да атыттар иһитиннэриилэрэ тарта.

Александр Николаевич “Экологическай үөрэхтээһин уонна сырдатыы туһунан” сокуону олоххо киллэрии хаамыытын туһунан парламеҥҥа мунньах тэрийэргэ сорудахтаата. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка, сыһыаннаах тэрилтэлэргэ Экологическай доктрина ылыллыаҕыттан ыытыллыбыт үлэҕэ тирэҕирэн тустаах уларыйыылары киллэрэр туһунан этиитэ бэлэмнээҥ диэтэ. Ил Түмэн спикерэ “Ирбэт тоҥу харыстааһын туһунан” сокуону Россия таһымыгар таһаарар үлэ күүһүрүөхтээҕин, Саха сиригэр алаастары харыстааһын туһунан сокуон оҥоһуллара тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ. Тустаах министиэристибэлэргэ экологическай хайысхалаах бырайыактары уонна граннары үбүлээһини тэрийэргэ этии киллэрдэ.

Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ улуус ытык кырдьаҕастара Анна Пухова уонна Иван Данилов Мүрү алаас экосистематын чөлүгэр түһэрэр үлэни күүһүрдэр туһунан этиилэрин рекомендацияҕа туспа этии оҥорон киллэрэргэ, бу боппуруоска өрөспүүбүлүкэ туһааннаах тэрилтэлэрэ кыттыылаах анал сүбэлэһиини тэрийэргэ сорудахтаата.

“Саха сиригэр Экологическай доктрина ылыныллыыта Россия үгүс субъектарыгар улахан сэҥээриини үөскэттэ. Сорох субъектар бэйэлэрин айылҕаларын харыстыыр сокуоннары күүһүрдэн эрэллэр. Манна эмиэ Саха сирэ бастакы көҕүлээһин быһыытынан бэйэтин Экологическай кодексын ылынарга бэлэмнэнии үлэни саҕалаата. Айылҕаны харыстааһын – бүтүн олорор эйгэни, сири-уоту, ууну-салгыны, кыылы-сүөлү харыстааһын. Манна соҕотох өрөспүүбүлүкэ эрэ туспа тупсан барбат. Онон биһиги айылҕабыт харыстааһынын Россия, аан дойду таһымыгар тэҥҥэ тутан туруорсарга дьулуһабыт. Бу кэскиллээх үлэ саҕаланна эрэ”, — диэтэ мунньаҕы түмүктүүрүгэр Ил Түмэн спикерэ.

Кини Уус Алдан улууһун дьаһалтатыгар, улуус мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ таһымнаах конференцияны ыытарга көмөлөһөрүн иһин махталын биллэрдэ.

Конференцияҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Анатолий Добрянцев, Ил Түмэн кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэллэрэ Владимир Прокопьев уонна Юрий Баишев, Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов, улуус Сэбиэтин мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Иван Колодезников, Саха Өрөспүүбүлүкэтин айылҕа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Яков Заровняев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин айылҕаны туһаныы эйгэтигэр надзор Федеральнай сулууспатын управлениетын салайааччытын солбуйааччы Сергей Сивцев, биологическай наука кандидата, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет естественнай наука институтун профессора Парасковья Гоголева, биологическай наука кандидата, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет прикладной экологияны үөрэтэр-чинчийэр институутун үлэһитэ Петр Данилов, өрөспүүбүлүкэ уонна улуус тустаах тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ кытыннылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар