Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Эһигини барыгытын Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сыла туолар кэрэ- бэлиэ күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин.
Бэйэ судаарыстыбаннастаах, өрөспүүбүлүкэлээх буолуута биһиги норуоппут үтүмэн үгүс сылларга дьулуһуута, баҕата, ыра санаата этэ. Ол ыра санаа туолуута норуоппут историятыгар, омук быһыытынан олохпут усталаах-туоратыгар буолбатах улахан бэлиэ, дьоһуннаах ситиһии буолбута. Биһигини кытта судаарыстыбаннаһы ыаллыы олорор хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар эмиэ ылбыттара. Оччолорго Саха сирин бастаан Иркутскай уобалас иһинэн көннөрү оройуон, онтон өрөспүүбүлүкэ буолбакка, уобалас оҥорорго холоно сылдьыбыттарын В.В. Никифоров–Күлүмнүүр, М.К. Аммосов, П.А. Ойуунускай, И.И. Барахов уонна да атын чулуу дьоммут туруулаһан, автономнай өрөспүүбүлүкэ статуһун ылары ситиспиттэрэ.
Судаарыстыбаннастаах буолуу саха норуотун биир сомоҕо түмпүтэ, төрүт үгэстэрбитин, тылбытын-өспүтүн сүтэрбэккэ, харыстыырбытыгар, сайыннарарбытыгар, билиибитин-көрүүбүтүн хаҥатынарбытыгар, атын норуоттартан хаалсыбакка, саҥа үйэ ситиһиилэрин бииргэ туһанан, тэҥҥэ барарбытыгар, сайдарбытыгар кыаҕы үөскэппитэ.
Судаарыстыбаннаһы харыстааһын, бөҕөргөтө, сайыннара сатааһын тохтообот, тохтуо да суох тустаах. Билигин иккис үйэбитигэр киирдибит. Бу үйэ хайдах буолар? Киһи аймахха? Саха норуотугар? Барыта буолбатах гынан баран, биһиги инникибит бүгүҥҥү дьонтон бэйэбититтэн уонна кэнэҕэски ыччаппыт кыаҕыттан, кини билиитин, өйүн-санаатын күүһүттэн, дьулурууттан улахан тутулуктаах буолуоҕа.
Күндү биир дойдулаахтарым!
Сахабыт сирэ сайда-чэчирии турдун.
Сахабыт өрөспүүбүлэкэтэ баар буоллун, тупсан, кыаҕыран иһиэхтин.
Саха норуота элбээн, кэҥээн истин, олоҕун уйгута тупса турдун!
Өрөспүүбүлэкэбит 100 сылынан!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы А.Н. Жирков
This post was published on 27.04.2022 12:26 12:26