Александр Жирков Саха национальнай бэчээтин күнүнэн эҕэрдэлиир

Ытыктабыллаах сахам дьоно, суруйааччылар, суруналыыстар, бэчээт эйгэтин үлэһиттэрэ, ветераннара!

Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын уонна тус бэйэм ааппыттан Саха национальнай бэчээтин күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин!


Ааспыт үйэ саҥатыгар бастакы көлүөнэ интеллигеннэрбит, үөрэхтээхтэрбит омук быһыытынан сайдар суолбутун тобулаары, үөрэҕи, сырдык санааны норуокка тарҕатаары сахалыы бастакы хаһыаты төрүттээбиттэрэ. Ол курдук 1907 сыл от ыйын 1 күнүгэр тахсыбыт «Саха дойдута», 1908 сыл 16 күнүгэр тахсыбыт «Саха олоҕо» хаһыаттар, 1912 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр тахсыбыт «Саха саҥата» сурунаал саха омуга бэйэтин төрөөбүт тылынан тахсар хаһыаттаммытын, суруналлааммытын ким да сатаан мэлдьэспэт кэрэһэтэ, туоһута буолбуттара, сахалыы сурук-бичик, тыл-өс сайдарыгар, суругунан литературабыт үөскүүрүгэр олук уурбуттара. Сахалыы бэчээт төрүттэниитэ саха норуотун үөрэҕириитигэр, сахалыы суруналыыстыка, литература төрүттэниитигэр, сахалыы литературнай тыл үөскүүрүгэр тугунан да кэмнэммэт улахан быһаарар суолталаммыта.

Оччотооҕу саха интеллигенциятын тумус туттар киһитэ, уопсастыбаннай деятель, учуонай, суруналыыс, суруйааччы Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр көҕүлээн, Россия киин куоратыттан бэчээттиир массыына атыылаһыллан, анал сахалыы шрифт кутуллан, төрөөбүт тылбытынан тахсар бастакы хаһыаппыт күн сирин көрбүтэ.

Урукку кэмҥэ уһуннук омнуолана, умнулла сылдьыбыт история кырдьыгын Ил Дархаммыт Айсен Николаев былырыын от ыйын 1 күнүн национальнай бэчээт күнүнэн биллэрэр туһунан ыйаахха илии баттаан чөлүгэр түһэрдэ.

Норуот туһа диэн тахсыбыт сахалыы бастакы хаһыаттар үтүө үгэстэрин өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн тэриллибит, быйыл төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиир «Манчаары» – «Кыым» уонна бу хаһыаттары утумнааччы «Саха сирэ», улуус хаһыаттара салҕаабыттара, туспа судаарыстыбаннай бэчээт суолун тэлбиттэрэ.

Билиҥҥи кэмҥэ бэчээт ситимигэр үгүс уларыйыылар киирдилэр, киирэ да тураллар. Сахалыы бэчээт эмиэ уларыйар, олохтон хаалбат туһугар дьүккүһэр. Сурук сыыппараҕа, Интэриниэт куйаарыгар көһөр. Оннук хаһыаттар, сурунааллар, кинигэлэр дэлэйэн иһэллэр. Ол гынан баран, былыр да, быйыл да суруллубут суоруллубат. Бэйэтин олоҕун, историятын ытыгылыыр киһи аймах хайа да түгэҥҥэ салгыҥҥа суураллан, сииккэ симэлийэн хаалбат, олохтоох, үйэлээх сурук албаһын тутуһа сатыаҕа. Күннээҕи күүрээн эйгэтиттэн арахсан, оннук олохтоон суруйуу, ону тиһии, кэнэҕэскигэ хаалларыы бэйэтэ сурук-бичик, ол иһигэр бэчээт эмиэ, туспа хайысхатыгар кубулуйуоҕа.

Ытыктабыллаах Сахам дьоно!

Эһиэхэ барыгытыгар төрөөбүт төрүт үгэстэрбитин, ийэ тылбытын-өспүтүн, сурукпутун-бичикпитин араҥаччылыырга, салгыы сайыннарарга анаммыт кэскиллээх айар үлэҕитигэр, тус олоххутугар ситиһиини, дьолу-соргуну баҕарабын.

Александр Жирков, Ил Түмэн.

This post was published on 01.07.2021 09:30 09:30